ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөстэн

туохтуур

Нууччалыы разделяться на протоки, рукава

I

1 туохтуур #

Хас да үөскэ (сүрүн, улахан үөскэ, тас үөскэ) араҕыс (өрүһү этэргэ)

Нууччалыы Разделяться на протоки, рукава (о реке)

  • Сүүрүктээх сүүнэ үрэхтэр Хайдах буолаллар эбит? – диэн көрөн турдахпына, – Аҕыс үөстэнэн, Айманан, аатыран-айгыстан, Асхарыйан айдан барар эбиттэр.
    Саха фольк
  • [Өлүөнэ өрүс] Тоҕус дуолан үөстэммит, Тоҕус уон дохсун үрэхтэммит, Аҕыс аарыма салааламмыт, Аҕыс сүүс күөх налыы арыыламмыт.
    Болот Боотур
  • Объ хастыы эмэ хос үөстэнэн ыла-ыла Арҕаа Сибирь намталынан аа-дьуо устар.
    МНА ФГ
II

2 этии #

Нууччалыы Долго жить, быть долгожителем

  • үөстээ III диэнтэн атын. туһ. Кыргыһыы уотугар Кыырыктаах уһугар Үөс Үөскэ! Үөстэннин!
    П. Ойуунускай
  • Чиччик, кини баҕас, мин да илиибиттэн үөстэммэтэр, уҥуоҕа сахсайда ини...
    Н. Якутскай
  • [Балбаара:] Чэ, абыраатаххыт! Үрүҥнэртэн өлө сыспыппыт итэҕэс буолан, аны онон сылтанан үөстэнэрбит буолуо. Уустаах Избеков

Этиилэр

Өлбөт үөстэн

өлбөт үйэлэн, былаҕайга былдьаммакка уһуннук олор Өлүү да, үөрүү да төлөнүн көрсөммүн, Өр өлбөт үөстэммит эр бэрдэ буолуум мин арай?

  • Эллэй. Дьолу туппуппут ол иһин, Ньургун буолбуппут ол иһин, Өлбөт үөстэнэн тураммыт Дьиикэй өстөөҕү кыайбыппыт. Эллэй

«Ү» буукуба