Перевод с якутского
өрүү
сыһыат, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы вязаный, плетеный
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Өрөн эбэтэр баайан оҥоһуллубут
Нууччалыы Вязаный, плетеный
Иван куораттан Шуратыгар өрүү солко куоптаны таһаарбыт. Дьүөгэ Ааныстыырап. Өймөкөөн кырдьаҕаһа -- ол бэстиэм диэн талаҕынан оҥоһуллубут өрүү тымтайы эппит эбит Багдарыын Сүлбэ
2 этии #
Сүгэ өрүүтэ - былыргы саха уустара сүгэ өнчөх өттүн салгыытын иэҕэн аҕалан сүгэ иэдэһигэр сиэтэн холбуулларыттан үөскүүр үүт, сүгэ уга олорор үүтэ Бу сүгэ өрүүтэ киэҥ эбит
Нууччалыы Проушина (топора)
3 #
сыһ
Дьэкиим үчүгэй хотуурга, сүгэҕэ өрүү ымсыырааччы. Болот Боотур Атыттартан өрүү чорбойо сатыыр куһаҕан кэмэлдьилээх киһини ким сөбүлүөй?
Н. Лугинов
4 #
Мэлдьи, тохтобула суох, хаһан баҕарар
Нууччалыы Всегда, постоянно, вечно
5 #
Букатын, адьас, ончу, туох да туһугар
Нууччалыы Совсем, совершенно
Омоҕой Баай түптэ буруо таһаарары, туулууру, сохсону, айаны, туһаҕы өрүү билбэт буолара. Саха фольк Ханна да баарын Өрүү өйдөөбөтө, Тэмтээкэйдээн тиийэн Аанын анньыалаата, "Аһыҥ!" - диэн хаһыытаата. А. Софронов - Мэ, тойон, бу кинээһиҥ ыйааҕын тутаҕын дуо? - Туппаппын, өрүү тутуом суоҕа. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -уйг. өрүк ‘продолжительно, долго’