ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өттө

аат тыл

Нууччалыы употребляется при обозначении предмета, в сторону которого направлено действие (на, (в) нашу сторону)

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

көмө аат

  • Тыһы кыталык курдук дьахтар тиийэн, эмээхсин, оҕо өттүгэр дьорос гына түстэ. Ньургун Боотур. Биһиги өттүбүтүгэр киһи туораата.
    Н. Якутскай
  • Илин чэрчи өттүгэр, Сиэрэй тииҥим кутуругун Тиэрэ туппут холобурдаах, Тэлим сириэдитэн киллээртэр
    С. Зверев

2 аат тыл #

Хайааһын туох эмэ баар сирин диэки туһуланан оҥоһуллубутун бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, в сторону которого направлено действие (на, (в) нашу сторону)

3 аат тыл #

Хайааһын туох эмэ баар сиригэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, на стороне которого совершается действие (на стороне)

  • Хара Бытык аргыый аҕай, сэрэммит киһи быһыытынан, ампаары төгүрүйэн көрдө, ол кэннэ кэлэн, биһиги өттүбүтүгэр баар хаҥас муннугу ыйда.
    Н. Неустроев
  • Халдьаайы өттүгэр -- ньолбоҕор күөллээх үрэх устун [Тогойкин] баран истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Румыннартан биһиги өттүбүтүгэр туох буолара барыта көстөр быһыылаах
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
  • Полициялар өттүлэриттэн сүүһүнэн саа халлааҥҥа эстэр.
    Эрилик Эристиин
  • Аны мин кыраныыссаны туорааччыны биһиги өттүбүтүттэн күүтэбин.
    Н. Якутскай
  • Саллааттар өттүлэриттэн эмиэ буорах бурҕаҥныыр, саа тыаһа дэлби барыталыыр
    ХС

4 аат тыл #

Таһаарыы падеж форматыгар хайааһын туох эмэ баар сирин диэкиттэн оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, со стороны которого совершается действие (со стороны)

5 аат тыл #

Туттуу түһүк форматыгар хайааһын туох эмэ баар сирин диэкинэн оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме орудного падежа употребляется при обозначении предмета, по, вдоль которого совершается действие (по, вдоль чего-л.)

  • Бу остолобуой тас, боростуой киһи киирэн аһыы түһэн баран тахсар өттүнээҕи айаҕар, аҥаар эркин өттүнэн уочараттаан, илдьирийбит таҥастаах оҕолор мустан турар этилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Сэмэнчик хотон өттүнэн күөйэ тэбинэр.
    Н. Якутскай
  • Дэриэбинэни тыа өттүнэн эргийэ барыахтаахпыт
    ХС

«Ө» буукуба