Перевод с якутского
өһүк
аат тыл
Нууччалыы свои люди, соседи, родня, родственники
1 аат тыл #
, эргэр. Чугастааҕы, ыаллыы дьон, бэйэ дьоно, уруу-аймах дьон
Нууччалыы Свои люди, соседи, родня, родственники
Удьуор төрүт өһүгүм. Омук тойуга, өһүк номоҕо буолбут (өс хоһ.). Онуоха: "Кыыс оҕо санаата аһынааҕар кылгас" диэн өс хоһооно, өһүк номоҕо буолар эбит. Ньургун Боотур. Нуучча, саха манна [пааркаҕа] тоҕуорустун, Омук, өһүк манна субурустун! Үөрүү-оонньуу манна үмүөрүстүн, Дьоллоох ырыа манна чугдаарыстын! С. Васильев Ср. др. -тюрк., тюрк. өз ‘свой, собственный’, др. -тюрк. еш ‘друг, приятель, сподвижник’
2 #
өһүк саҕах - ойуун таҥаһа, ойуун кыырар кыаһааннаах таҥаһа
Нууччалыы Шаманская одежда, шаманский плащ
Кырдьаҕас, өһүк саҕаҕын куурдун. Музейбытыгар хас да толору кыаһааннаах өһүк саҕаҕа баар; өһүк таҥас (өлүнньүк таҥас) - өлбүт киһиэхэ кэтэрдиллэр таҥас. Θ Погребальная одежда. Өһүк таҥаһын бэлэмнээбиттэрэ. Ср. джаг. өчүк ‘угасание; погасший’