Перевод с якутского
им
аат тыл
Нууччалыы рассвет
English dawn
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Нууччалыы рассвет
English dawn
им бүтэйинэ барбыт он ушёл до рассветаhe left before dawn
2 аат тыл #
Нууччалыы закат; зарево
English sunset, afterglow
3 аат тыл #
1) Киэһэ күн киирбитин кэнниттэн түүҥҥү хараҥа түһүөр диэри борук-сорук кэм
Нууччалыы Вечерние сумерки, полумрак после захода солнца и до наступления ночи
Им ырдьаччы сүппүтүн кэннэ алааһын арҕаа саҕатыгар киирдэ. А. Софронов Ыкса киэһэ, им сүппүтүн кэннэ, Өлөксөй Мэҥэ улууһун киинигэр Төҥүлүгэ тиийдэ В. Протодьяконов Киэһээҥҥи саһарҕа, халлаан хараҥанан бүрүллүбэтэх сырдык өттө. Θ Вечерняя, затухающая заря. Ардыгар алтан от чаҕылын кытары, Ардыгар кыыһар им сарыалын кытары Кэрэни кэтиирдии, кэрэни этиэхтии Курустуук-курустук ким эрэ мичээрдиир. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Киирэр им араҕас уотугар мустаннар Хоптолор муораҕа дайаллар. И. Гоголев Иннигэр им сыдьаайын курдук сырдык баарга дылыта Күннүк Уурастыырап
4 аат тыл #
Түүҥҥү хараҥа кэнниттэн сарсыарда эрдэ сырдаан барар кэм
Нууччалыы Ранний рассвет
Кыһыҥҥы сис тыаҕа түүн үөһэ ааспытын кэннэ, сарсыардааҥҥы им арылла илигинэ ордук дьиппинийэ хараҥарар. Амма Аччыгыйа Оттон бу сарсыарда эрдэ, им тахса илигинэ баартара диибин дии. Н. Заболоцкай Ими кытта тэҥҥэ туруор. Уонна көлүй, олордума, көлүй күнү быһа С. Данилов
5 аат тыл #
Үөрүү, эрэл кыыма
Нууччалыы Надежда; радость
Саҥа дьылбыт саҕаланна биһиэхэ күн тахсыытынан, өстөөхтөргө им сүтүүтүнэн, биһиги халлааммытыттан былыт көһүүтүнэн. Т. Сметанин Үөрүү өҥөйөн көрбөтөх Кураанах олоҕор Сырдык имэ буолбута Ыраах баар уол оҕо... И. Чаҕылҕан Ийэ сүрэҕэр Им сырдаабата, Дьиэ иһигэр Дьэргэлгэн киирбэтэ С. Васильев
6 аат тыл #
Батталтан көҥүлгэ, сырдык олоххо тахсыы
Нууччалыы Выход из гнета в свободную жизнь. [Эдэр ыччат] Умайар уокка оҕуттун – Эдэрэ иэдэһигэр килбэйиэ, Уорааннаах түрмэҕэ түбэстин – Им сырдыгын экчи кэтэһиэ
Эллэй. Эн саҕа им сардаҥатын тэнитээччи Үйэлээх сааска баарын билбэппин, – Баһыыба, көҥүл тыыныгар үөрэтээччи, Суон дурдабыт, күүстээх көмүскэлбит! Эллэй
7 этии #
Нууччалыы Непроглядная, кромешная тьма, хоть глаз выколи
Этиилэр
Атаҕын иминэн көр атах
Суолум чэрин атаҕым иминэн булан, тибиинэн кэһэн мочоохтоон, хат тыырдым.
Н. Лугинов
Илиитин иминэн көр илии
Им балай
1) туох да көстүбэт хараҥата Хара баархат быыһы тэниччи тардыбыт курдук им балай хараҥа саба халыйан кэбистэ.
Амма Аччыгыйа.
Хараҕын аспыта
туох да көстүбэт им балай хараҥа этэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Сотору балаҕан иһигэр им балай бүрүүкээтэ. С. Никифоров. Абыраамаптаах Бииктэр, Маппыры кытта бырастыылаһаат, им балайга симэлийэллэр. Л. Попов. Тэҥн. ытыс таһынар хараҥа; 2) көсп. хараҥа, сайдыыта суох, бүтэй олох.
Отсталая жизнь; глушь, жизнь в глухомани.
Биһиги сордоохтор манна тугу да билбэккэ им балайга хаайтаран сытабыт. Болот Боотур Норуоккут үөрэҕэ суох, им-балай хараҥаҕа тэпсиллэн олорор. И. Федосеев
Тарбаҕын иминэн көр тарбах
Ытыһын иминэн көр ытыс
Ср. алт. иҥир ‘вечерняя заря’
8 аат тыл #
Сүөһү кулгааҕар оҥоһуллар бэлиэ
Нууччалыы Метка, клеймо, тавро на ухе животного
Сүөһүнү иминэн бул. Ииппитиҥ дуу, имнээбитиҥ дуу?
Суорун Омоллоон
9 этии #
Нууччалыы Бесследно исчезнуть, погибнуть
Этиилэр
Имниин (имиттэн) эһиннэ (сүттэ, быһынна)
баар буола сылдьыбыт бэлиэтэ биллибэт гына суох буолла, сүттэ, өллө Умнууга хаалан, төрүт да имниин сүтүөх маҥнайгы кэпсээннэрим көстүбүттэр.
Бэрт үгүс норуоттар дьиикэй уонна хараҥа олохтон тумнасталлара, дьаҥнартан имниин бысталлара. БИД. Зашиверскайга ыттар уоспа ыарыыны тарҕаппыттарын, куорат имниин эстибитин туһунан номох баар. Ю. Чернов (тылб.)
10 этии #
Нууччалыы Продольные разрезы на ушах лошади (метка). Үүт им – сылгы кулгааҕын дьөлө үүттээн бэлиэтээһин. Круглая метка на ушах лошади в виде отверствия
Этиилэр
Кирис им
сылгы кулгааҕын төбөтүн туруору хайа быһан бэлиэтээһин Холорук им – сылгы кулгааҕын кырыытыттан ойо быһан бэлиэтээһин.
Метка на ушах лошади, вырезанная полукругом.
Биир маҥан ат, алта хаардаах, уҥа кулгааҕар холорук имнээх. А. Софронов Тюрк. им
11 этии #
Нууччалыы Кровь бросилась в лицо, полыхать румянцем (от стыда, смущения, досады и т. п.). [Лоокуут] бара-кэлэ сылдьарын көрө-көрө, сиһин этэ сиппит, буутун этэ муҥутаабыт, толору түөстэммит кыыс оҕо хараҕа уоттаммакка, сүрэҕэ мөхпөккө, имин хаана оонньообокко хаалыар эмиэ да сатаммат буолара
көр иҥ. Мааппа эмээхсин куура хаппыт, уҥуоҕунан көрбүт имэ кытара түстэ.
КүндэУчууталын Березкины санаан, мунчааран, Оксана хаһан да тохтубатах хараҕын уута имин устун чоккуруу тохто сыппыта.
Суорун ОмоллоонНьургуһун хараҕа биилэнэн, имин хаана кууран, сирэйэ кубарыйар уһугар тиийбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Икки имин хаана ымыы түөһүн курдук тэтэрэн, -- Настя кыыс киирэр. Н. Якутскай
Этиилэр
Имин хаана оонньообут
1) иэдэһэ эмискэ тэтэрэн кэлбит (долгуйан, кыбыстан, күүстээх иэйииттэн) Дьүөгэ Ааныстыырап; 2) тэтэркэй иэдэстээх, сибиэһэй көрүҥнээх.
Свежее, румяное лицо, кровь с молоком.
Таҥаралаах халлааным Тахсан эрэ күнүн Туналҕанын курдук Туналҕаннаах ньуурдаах -- Имин хаана оонньообут Илбиэнэ көмүс иэдэстээх Адьыҥа Сиэр хотун диэн -- Хотун ойохтооҕо эбитэ үһү... П. Ойуунускай