Перевод с якутского
уҥ
туохтуур
Нууччалыы падать в обморок; терять сознание
English to faint, to lose consciousness
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы падать в обморок; терять сознание
English to faint, to lose consciousness
уҥан түс упасть в обморокto faint
2 туохтуур #
Өйгүн сүтэр, эмискэ өйгүн сүтэрэҥҥин охтон түс, туймаар
Нууччалыы Падать в обморок, внезапно терять сознание
Ийэтин көрдөҕүнэ уҥан хаалар үһү (тааб.: туус)
3 туохтуур #
Тыыҥҥын кыайан ылбат буол, көбүөхтээн хаал (үксүгэр түргэнник сүүрэн эбэтэр аһара хамсанан)
Нууччалыы Выбиваться из сил, задыхаться (обычно от быстрого бега, перенапряжения)
Чүөчээски балай эмэ сиэлэн, сүүрэн баран, уҥа быһыытыйан тохтуу биэрдэ.
Суорун ОмоллоонТыыным хаайтаран уҥан охторум чугаһаабытын кэннэ, сыарҕам, таһаҕаһын уйумуна, үлтү түһэн өрүһүммүтүм. М. Доҕордуурап Саша аһара сылайан, тыына тиийбэккэ, уҥмут этэ П. Аввакумов
4 этии #
Нууччалыы Поправляться после кризиса (о больном)
Этиилэр
Күлэн уҥа сытар көр күл I
Өлөксөйүм суорҕанын анныгар адьас күлэн уҥа сытар. Э. Соколов
Уҥа-уҥа тилин
1) улаханнык ыалдьан баран өрүтүн (ыарыһаҕы этэргэ) Оҕо уҥа-уҥа тиллэн дьонун улаханнык куттаата; 2) өлө сыс.
Быть на волоске от смерти.
Сэрии толоонугар саллааттар хаста уҥа-уҥа тиллэн тыыннаах ордоллорун ким билиэй…
5 этии #
Нууччалыы Летаргический сон
Этиилэр
Уҥан түс көр түс I
Сүөдэр хараҕыттан уот ыһылла түһэргэ дылы гынар уонна уҥан түһэр. Н. Якутскай Кыыс буоллаҕына көрөөт, сирэн уҥан түспүт. Эрилик Эристиин
Уҥан утуйуу
уһуктубакка уһуннук утуйуу Уҥан ыарый – өйгүн сүтэрэн, таарымталанан ыарый, аналаа.
Болеть эпилепсией.
Ньургуһун [кыыс аата] сорох ардыгар уҥан ыалдьан дьонун куттуур буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап. Уҥар ыарыы мед. – өйү сүтэрэн ыалдьыы, ана, таарымта. Падучая, эпилепсия. Тимэх отунан сорох сирдэргэ төбө ыарыытын уонна уҥар ыарыыны эмтииллэр. МА ССЭҮү.
Уҥмат тыыннаах (тыҥалаах)
уһуну сылайбакка сүүрэр, сүүрүк (киһи, ат).
Бегающий долго, не останавливаясь, без устали (о бегуне, скакуне на длинные дистанции).
Гаврил Нохтунскай
уҥмат тыыннаах сүүрүк.
[Хабырыыс] Уҥмат тыыннаах, хаҥыл ата Уйуһуйа быыппастара. Күннүк Уурастыырап Уҥмат тыҥалаах дьөһөгөй оҕолоро сиэллэрэ бурҕайа, кутуруктара субуруйа -- суолларын икки өттүнэн илин-кэлин түһэллэр. КДьА