Перевод с якутского
уҥа
даҕааһын, сыһыат, аат тыл
Нууччалыы правый
English right
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы правый
English right
уҥа тус правая сторонаright side
2 даҕааһын #
Хаҥаска утары буолар
Нууччалыы Правый. Быыкаа уҥа илиитин тарбахтара ибир гынан ылаттыыллар. Н. Заболоцкай. Үрүҥ көмүс сүүмэх сап Уҥа түннүгүнэн сыыйыллар. Баал Хабырыыс. Абыраамап уҥа ытыһынан сүрэҕин туттан, Бииктэргэ ньымсатык тоҥхойдо. Л. Попов
3 аат тыл #
суолт. Хаҥаска утары өттүгэр баар туох эмэ
Нууччалыы Что-л., находящееся в правую сторону, расположенное на правой стороне
Таня салҕааһыннаах нууччалыы дьиэ түгэх икки хоһуттан уҥатыгар ананна. М. Доҕордуурап Арай Уоһук кылыйан хаамар – Аҥаар атаҕын үлүппүт, Омунугар буолан билбэтэх, Уҥатыгар угунньа симмэтэх. Дьуон Дьаҥылы. Төбөҥ хаҥас өттө куугунуур буоллаҕына – куһаҕаны күүт, уҥаҕар – үчүгэйи. Эвен фольк
4 сыһыат #
суолт. Хаҥаска утары
Нууччалыы Вправо, направо
Уора-кистии уҥа көрөр. П. Тобуруокап [Фёдор Попов] Уҥа ытта, хаҥас ытта – Умса, тиэрэ түстүлэр. Эллэй. Уҥа диэки массыына сарайын эркинэ көстөр С. Ефремов
5 этии #
Этиилэр
Уҥа илиитэ көр илии
Сиэнэ кыыс эбэтигэр уҥа илиитэ. Тиэхиньикэҕэ уҥа илии буолар киһилээҕим буоллар, санаата-оноото суох, нус-бааччы сылдьыах этим диирэ. Д. Апросимов
6 этии #
Этиилэр
Уҥа (үрүҥ) дьиэ көр дьиэ I
Үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ, хара дьиэ хараҥаччыта (өс хоһ.).
Уҥа орон көр орон II
Дьаакып уҥа ороҥҥо бэргэһэтин, үтүлүгүн ууран баран, уот иннигэр сис туттан турда. А. Софронов [Доромоон] хаҥас диэкиттэн утуйар бэриинэтин аҕалан, уҥа ороҥҥо көбүтэн тэлгээтэ.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Тойон уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытар эбит. Амма Аччыгыйа