Перевод с якутского
быраап
аат тыл
Нууччалыы правый
English right
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы правый
English right
тэҥ быраап равные праваequality, equal rights
2 аат тыл #
Дьон уопсастыбаннай сыһыаннаһыыларын бэрээдэктииргэ судаарыстыба былааһа олохтообут уонна көмүскүүр нуормалар уонна майгы-сигили быраабылаларан бүтүннүүтэ
Нууччалыы Право. Быыбардыыр быраап. Буржуазнай быраап. Экономика өттүнэн хаалан иһэр, политическай бырааба быстыбыт оччотооҕу Саха сирэ ыраахтааҕы эрэһиэҥкэтэ суох түрмэтинэн буолан олорбута. П. Филиппов. Крепостной быраап тухары бааһынайдар балаһыанньаларын тупсарар кыахтара суоҕун көрдөрбүтэ. Софр. Данилов
3 аат тыл #
Судаарыстыбаннай эбэтэр атын ханнык эмэ сокуоннарынан, уураахтарынан о. д. а. хааччыллар көҥүл эбэтэр тугу эмэ оҥорор (дьайар) кыах
Нууччалыы Право (охраняемая государством, узаконенная возможность делать что-л.)
Бу дойдуга атаҕастанар да күннээх буоллахпына - көҥүлбүн, бырааппын босхо тэбистэриэм суоҕа, көмүскүүр сууту булуом.
П. ОйуунускайБиһиги политикабыт норуоттар бырааптарын эрэ тэҥнээһининэн муҥурдаммакка, кинилэр суруктара, литературалара бэйэлэрин тылларынан барҕара сайдарыгар дьулуһар
Суорун Омоллоон
4 аат тыл #
Тугу эмэ оҥорор, дьайар көҥүл, кыах
Нууччалыы Право. Дьэҥдьийэр быраапкытын көрдөрүҥ. Амма Аччыгыйа. Ааспыт үөрэх дьылыгар элбэх оҕоҕо тырахтарыыс, суоппар бырааптарын биэрбиппит. Софр. Данилов. [Аайта:] Тугу да толкуйдаабаппыт. Уопсайынан, Алик биһикки личнэй дьыалабытыгар Ким да орооһор бырааба суох. И. Гоголев
5 аат тыл #
Олоҕуруу, тирэҕирии, төрүөт
Нууччалыы Основание, причина
Ат буоллаҕына: “Эн Атен кинээс буолбатаххын, миигин тыытар быраабыҥ суох”, - диэбиттии Бурхалей үрдүгэр түһэ сыспытын сүөрэн ылан, олбуор айаҕар холоруктатан илтэ. Эрилик Эристиин Эһиги куһаҕаннык үлэлиир быраапкыт суох. Софр Данилов