ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ык

туохтуур

Нууччалыы сильно сжимая что-л., извлекать жидкость, выжимать из чего-л. влагу

English to squeeze

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Тугу эмэ бобо, хам тутан, эрийэн уутун, убаҕаһын таһаар, сүүрт

Нууччалыы Сильно сжимая что-л., извлекать жидкость, выжимать из чего-л. влагу

  • Таҥаһын уста биэрэн, ыган окко-маска ыйаата.
    Суорун Омоллоон
  • Маайа сууйбут таҥаһын уутун ыган мускуйар.
    Н. Якутскай
  • "Дьэ, оччоҕуна мин муоста сууйуум, – диэн Миитэрэй үлэ былдьаһан өрөһүстэ, – эн ыкпакка эрэ [сууйбут таҥаскын] тааска ууран ис"
    Огдо
Өссө холобурдар (1)
  • Эрбэххинэн күүскэ баттаан таска таһаар (хол., баас, искэн ириҥэтин). Θ Сильно сдавливая большими пальцами, выдавливать наружу (напр., гной из нарыва). Кутургуйа аһын ыган ылбыкка дылы (өс ном.). [Мэнигийээн] эдьиийин оҕотун мэйиитин тэһэн баран, ыган кэбиспит эбит. Саха ост. II. Кутургуйаны киинин ыкпатахха, иккиһин тахсар
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Үтэн киирэн, сабардаан, туох эмэ турбут сирин кыччат, кыарат

Нууччалыы Наступать, сжимать, теснить, наседая с разных сторон

  • Таһаҕастаах массыыналар дьуккурута көппүт тииттэрэ суолу ыган киирэн тураллар.
    С. Васильев
  • Оок-сиэ, ол үөһэ өттүттэн, букатын болуот саҕа муус ыган киирэн иһэр.
    Н. Заболоцкай
  • Аттаах пуолка ыллаан-туойан, Пьердээҕи ыган кэллэ, суолу кыараҕастытта. Л. Толстой (тылб.)

3 туохтуур #

Өстөөххө кимэн киирэн ыкса чугаһаа эбэтэр кэннинэн чугут

Нууччалыы Наступать, плотно приближаться к врагу, тесня и заставляя его пятиться назад. [Көстөкүүн:] Билигин тула өттүбүтүгэр бандьыыт хаайан ыган киирэн истэҕинэ, тугу да гыммакка, субу курдук олорон хаалар сатаныа суоҕа

  • Фашистар биһигини улаханнык ыктылар.
    И. Никифоров
  • Олохтоох нэһилиэнньэ, талабырдьыттары утары дьаныардаахтык охсуһан, кинилэри улам соҕуруу ыган испитэ
    АЕВ ОҮИ

4 туохтуур #

Субу тиийэн кэл, субу буолаары гын, буолаары ыксат

Нууччалыы Подходить вплотную, приближаться, надвигаться (напр., о каком-л. событии)

  • Наадам ыган кэлбитим кэннэ хайыахпыный, доҕор?
    Амма Аччыгыйа
  • Хайыы үйэ от хомуура ыган тиийэн кэлбитэ.
    Д. Таас
  • Табаарыһыттан өлөр чааһа ыган кэлбитин кистиэн баҕарбатаҕа.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Киһи хомойоро баар арай, Пелагея Павловна биирдэ өйдөөбүтэ, биэнсийэҕэ тахсар сааһа бу ыган кэлбитэ
    Айысхаана

5 туохтуур #

Саҥаны, дорҕоону искиттэн бэрт эрэйинэн, нэһиилэ таһаар

Нууччалыы Кое-как, с трудом выдавливать из себя слова

  • Тыын ыла-ыла, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, аҕыйах тылы иһиттэн нэһиилэ ыган таһаарар.
    Болот Боотур
  • Кыйаахылап кулуба, таптыыр оҕото, ойоҕо өлөн -- ыар кутурҕаннаах тыллары ыган таһаартыыр.
    М. Доҕордуурап
  • "Суох, сиэбэтэҕим", – нэһииччэ ыган саҥарда Болот
    Н. Заболоцкай

6 туохтуур #

Киһи тыына хаайтарыах курдук тыала суох бүтэйдии куйаар

Нууччалыы Давить, душить (напр., о жаре)

  • Бэс ыйынааҕы куйаас сыралҕана ыкпытын үрдүнэн, комбат тохтобулу көҥүллээбэтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Киэһэнэн, күн уота сырайара мөлтөөтөр да, ордук ыкта.
    И. Сосин
  • Ыган түһэн, дьэ куйаас да куйаас!
    ИМС ОС

7 туохтуур #

Киһини туохха эмэ ыксат, ыгылыт эбэтэр ыххайан тугу эмэ оҥортор

Нууччалыы Наседать, оказывать давление на кого-л. (вводя в замешательство и принуждая к каким-л. действиям)

  • Бэйи, аргыый ык! Мин киирбит ааммын билэ-билэ киирбитим. Онон эн олус киһиргээмэ.
    Н. Неустроев
  • Миэхэ үөс-батааска биэрдигит этэ дуо? Үрүҥ тойотторун курдук ыкпыккыт дии.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыган туран, саа биэрэн, хаайыы харабыла оҥостубуттар
    А. Сыромятникова

8 туохтуур #

Ханнык эмэ иэйии, санаа саба биэр, ыксары куус

Нууччалыы Подступать, сжимать, сдавливать (напр., о каких-л. чувствах)

  • Хаһааҥҥытааҕар да сытыытык кэмсинии, хомойуу ыган кэллилэр.
    Н. Лугинов
  • Махтанабын түүҥҥү ыйбыт Сүрэхпин сылытарыгар, Хомолто, үөрүү ыкпыт Көмүскэтин уутугар.
    И. Гоголев
  • Өйдөөбөппүн туох салгыйарын. Өрүү санаам тэһийбэт, Ханнык ахтылҕан ыгарын, Эбэтэр тугум бу тиийбэт?
    С. Васильев

9 этии #

Нууччалыы Подавлять, угнетать, вызывая тяжёлые мрачные мысли, лишая сил кого-л

Этиилэр

Муннукка ык көр муннук

  • Иннигэр хараҥа буруйдаах, Кэннигэр халыҥ аньыылаах, Кырыыстаах Гитлер ыта Кыыһы муннукка ыкпыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үһүгэр барбыт уолчаан саҥата хойдон, тыла-өһө эбиллэн, ардыгар киһи күлүөх курдук ыйыталаһан муннукка ыгаары хаайар. Огдо.

Тыынын (тыынын-быарын) ык

кими эмэ мунчаарыылаах санааҕа, хам баттаппыт турукка киллэр Дьиэ иһэ бүтүннүү -- киһи тыынын-быарын ыгар.

  • Ампаар айах, киэр буол, тыыммын-быарбын ыгыма.
    Күннүк Уурастыырап
  • Давыдов уйаара-кэйээрэ биллибэтинэн киһи тыынын-быарын ыгар хонууну санаарҕаабыттыы одууласта.
    М. Шолохов

Уутун-хаарын ык

1) кин. айымньы бэчээттэниэн иннинэ ордук-хоһу тылын, сымсах миэстэлэрин ылан бырах; бэчээттиир ирдэбилгэ сөп гына оҥор.

Избавляться от воды, убирать воду (из текста); доводить текст до кондиции.

  • "Хотугу сулуска" кэнники киирбит рукопиһы уутун-хаарын ыктахха бэчээккэ барыан сөп; 2) кэпс. буруйун билинэр гына күүскэ мөх-эт. Распекать, снимать стружку с кого-л. (вынуждая кого-л. признаться в содеянном). Биир күнү быһа мунньахтаан, Атаанабы уутун-хаарын ыган, кини сокуоннайа суох, бары түктэри быһыыларын билиннэрбиттэр итиэннэ – [хомсомуол] билиэтин ыларга диэн быһаарбыттар.
    Д. Таас

Хараххар үүт ыгыахтара суоҕа көр харах

  • Онто да суох икки нэдиэлэҕэ дьоҥҥо от охсордоохпун, онно мин харахпар үүт ыгаллара биллибэт.
    Суорун Омоллоон
  • Ээ, кыргыттаар, оонньоон-көрүлээн хаалыҥ, ким да хараххытыгар үүт ыкпат, бу эмээхсин тыыннааҕар сылдьыҥ.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • [Настаа:] Харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор, тыллаах этэр, мин харахпар үүт ыгар ким да суох. ПИП О
    Т. Ср
  • тюрк. сик, сык ʽсжимать, давить; сломать; угнетатьʼ

«Ы» буукуба