ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эн

солбуйар аат, аат тыл

Нууччалыы личное местоимение 2-го лица единственного числа, ты

English you

1 аат тыл #

с. солб. аат. Саҥарааччы биир ахсааҥҥа иккис сирэйи бэлиэтээн этэр тыла

Нууччалыы Личное местоимение 2-го лица единственного числа, ты

2 этии #

айаххар батыам суоҕа – айаххар батыам суоҕа (баппатах баҕайым ини) диэн курдук (көр айах I). Эн айаххар баппатах баҕайым ини. Тыллыыраптаан сиэбэккэ сирэйиҥ саатыа. "ХС".

Нууччалыы С этого момента наши пути расходятся

Этиилэр

Эн антах түс

аан антах бар (түс) диэн курдук (көр антах).

  • Бэйэм кыараҕастык олорон, тылгын быһа гыммакка, кыах баарынан көмөлөспүтүм үрдүнэн, эн антах түһэ олороруҥ даа баар ээ. ГНС СТСДТ. Эн аньыыҥ (инниҥ) инньэ (туспа), мин аньыым (инним) инньэ (туспа) – мантан антах эн биһиги дьылҕабыт тус-туспа Онуоха хоммут хоноһото Эрдьигэн Баатыр: "Эн аньыыҥ инньэ, мин аньыым инньэһ, – диэн баран, таһырдьа тэп гыммыта. СНА. [Лэкиэс:] Аны эһиги кыыскынаан иннигит туспа, мин инним туспа.
    С. Ефремов

Эн-мин дэһэн (дэсиһэн)

эн-мин дэс (дэһис) диэн курдук (көр дэс).

  • Былыр хаһан эрэ чугас ыаллыы буолан эн-мин дэһэн олоорпут этэ буолбат дуо?
    А. Софронов
  • Эмээхсинэ оҕонньорун, бачча тухары бииргэ эн-мин дэсиһэн эр-ойох буолан олорон баран, билбэт буолуо дуо?
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Миитэрэйдээҕи кытта эн-мин дэһэн, хардарыта ылса-бэрсэ, көмөлөсүһэ олорор этибит.
    ХС
  • Эн соххор, мин соххор дэспиккэ (диэбиккэ) дылы – эн соххор, мин соххор диэн курдук (көр соххор I). Эн хараххар ким да үүт ыгыа суоҕа көр үүт I

3 этии #

Нууччалыы Мне бы на твоём месте быть (букв. мне бы быть тобой)

Этиилэр

Эн буолбут киһи

ким эмэ үчүгэйгэ тиксэригэр ымсыыран этии Ээ, оччоҕо сыбаайбаҕа бэлэх бэлэмнээтэҕэ.

  • Үчүгэй да баҕайы. Эн буолбут киһи.
    А. Фёдоров
  • – Сарсыарда үлэбэр массыынанан аҕалан биэрэллэр, киэһэ дьиэбэр илдьэллэр. – Аата үчүгэйин, эн буолбут киһи баар ини! "Чолбон".

Эн эппэтэҕин буоллун көр эт I

  • "Оо, дьэ, эн эппэтэҕин буоллун, барыта этэҥҥэ буоллунһ, – дии-дии илиитин ыга тутан салыбыратта. "Чолбон". Дьэ, кырдьаҕас, баһыыба, Эн эппэтэҕин буоллун.
    ХС
  • Ср. ДТС, тюрк. сэн, сен ʽтыʼ

«Э» буукуба