Перевод с якутского
буолуо дуо
туохтуур · этии
Нууччалыы выражает сомнение, колебание говорящего в виде вопроса
1 туохтуур #
эб. Саҥарааччы саарбахтыырын, мунаарарын ыйытыы быһыытынан көрдөрөр (сүнньүнэн, туохт. бэриллибит кэпсиирэлэри кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражает сомнение, колебание говорящего в виде вопроса
Бачча тухары атын биир да кыыһы, биир даҕаны дьахтары таптаабатаҕа буолуо дуо? Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Софр. Данилов. Ити алҕас суруллубута буолуо дуо? “ ХС Оо диэн саҥа аллайыыны, ама диэн сыһыан тылы кытта эмоциональнай дэгэттэнэр. Θ С междометием оо, модальным словом ама приобретает эмоциональный оттенок. “Ама, маннык эдэркээн барахсан иирбитэ буолуо дуо?” - диэн дьиксинэ саныыр. Н. Якутскай Ама, кини кырдьык итинник сөбүлээбитэ буолуо дуо? Софр. Данилов. Оо, ама, кырдьык оннук буолуо дуо? “ ХС
2 туохтуур #
Риторическай ыйытыы дэгэттээх этэр санааны бигэргэтиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает утверждение высказываемой мысли с оттенком риторического вопроса
Эһэ туһунан суруллубута, кырдьык да, кэмнээх буолуо дуо? Н. Заболоцкай Биирдэ эмэ мөҕүллүбүтүҥ, таһыллыбытыҥ буолуо дуо? С. Ефремов Ама, кыра оҕолору үөрэппэтэх киһи буолуо дуо! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
Хомойууну үөрүү тута солбуйарын саҕа үчүгэй баар буолуо дуо? “ ХС Саҥарааччы биһирэмнээн, кыбытан этиитинэн дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок дополнительного ввода сообщения говорящим. Тэлээрэ-тэлээрэ кинилэр диэтэх дьон үрүмэччилэр - Силээхтэлэрэ дэлэ буолуо дуо - Сир симэҕин барытын кэрийбиттэр.
П. ОйуунускайЭгэ, киэҥ Өлүөнэ обургу Оччугуй үрүччэ саҥатын, Ахсарыах бэйэлээх буолуо дуо, Аат эрэ харата аҥааттар. С. Данилов Бу сураҕы Микииһэлээх истибэт буолуохтара дуо Н. Павлов