ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былаан

аат тыл

Нууччалыы план

English plan

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ханнык эмэ сир, тутуу кумааҕыга оҥоһуллубут чөртүөһэ, схемата

Нууччалыы План (чертеж, изображающий на плоскости какую-л. местность, сооружение)

  • Москва былаана. Санкт-Петербург былаана. Дьокуускай былаанын схемата 1982 с. бэчээттэмитэ.
  • Кыһыл этэрээти Дьокуускайдааҕы кистэлэҥ бойобуой дуруһууна боломуочунайа Иван Воинов көрсөр. Дьокуускайга кимэн киирии былаана манна сиһилии көрүллэр
    Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

Уһун болдьохтоох улахан үлэлэр оҥоһуллар бэрээдэктэрин, утумнарын-ситимнэрин уонна толоруллууларын болдьоҕун ыйар, эрдэттэн бэлэмнэммит дьаһаллар

Нууччалыы План (заранее намеченная система мероприятий, предусматривающая порядок, последовательность и сроки выполнения работ)

  • Биэс сыллаах былаан. Стратегическай былаан. ГОЭЛРО былаана. Судаарыстыбаннай былаан.
  • Тыа сииги, сөрүүнү тутар буолан, кураайы дойдуларга ойуурдары үүннэрэр, айылҕаны уларытар улуу былааммыт үөскээбит эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Дакылааппар _ _ биэс сыллаах былаан туһунан уонна кини соруктарын туһунан кэпсээн бардым.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Туох ханнык иннинэ, ити былааҥҥа киирбит титульнай тутуулар олоххо киириэхтээхтэр
    Р. Кулаковскай

3 аат тыл #

Туох эмэ хайдах буолан иһиэхтээҕин барыллааһын, сабаҕалааһын

Нууччалыы Предположение, предусматривающее ход, развитие чего-л

  • Абдуркулла, баар эрэ биир бүөмчү санаабыт былаана алдьаммытыттан курутуйбут киһи быһыытынан, сир диэки хайыһан олордо.
    Эрилик Эристиин
  • Лэгиэн Кыычыкын оҥостуммут былаана, санаммыт баҕата туолбатаҕа.
    Күннүк Уурастыырап
  • Эн чахчы баҕаҥ хоту “орто киһи” буолбуккун, ол эрээри эн орто учуутал буолар былааҥҥын бырах
    Н. Лугинов

4 аат тыл #

Тугу эмэ кэпсээһин кылгас сааһыламмыт барыла

Нууччалыы Краткая упорядоченная программа какого-л. изложения

  • Дакылаат былаана. Уруок былаана.
  • Уруок былаанынан, хоһоону икки үөрэнээччи ааҕыахтаах этэ. Онуоха бириэмэ кыайан ордубата. Софр. Данилов. Салайааччылар матырыйаалы сирийэн үөрэтэр, силиэстийэ былаанын оҥорон, бэрт түргэнник ылсарга сорудахтаатылар
    М. Попов
  • Туох эмэ (хол., ханнык эмэ сир: үрэх, алаас, сыһыы о. д. а.) көстөр быһыыта, омооно. Θ Основные очертания (границы), ориентиры какой-л. местности (реки, аласа, поля и т. п.). Өрүс халҕаһатын курдук логлоруттаҕас былыт үрдүнэн көтөн иһэллэр. Ханна да сир былаана, тыа-толоон омооно көстүбэт.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Кычкин сир былаанын тосхойон кыраныыссаны туораабыт үспүйүөн хайаан даҕаны маннык сиринэн барыахтаах диэн, ирдээччи ыттаах пограничнигы илдьэ быһалаабыт
    Н. Якутскай

«Б» буукуба