ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэйдиэ

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы везде, всюду, беспорядочно

Ис хоһооно · 5

1 сыһыат #

Ханна баҕарар, бэрээдэгэ суохтук

Нууччалыы Везде, всюду, беспорядочно

  • Кинигэлэр, сурунааллар, кум-хам тутуллубут, хайа тыытыллыбыт, суруллубут лиистэр бэйдиэ ыһылла сыталлара.
    Г. Угаров
  • Чучунаа диэн дьонтон, киһиттэн тэйэн, куотан, күрээн, наар хайалаах сиринэн бэйдиэ сылдьар кыыллыйбыт киһи.
    Н. Абыйчанин
  • Эмп ылыллар биир дьоһуннаах источнигынан айылҕаҕа бэйдиэ үүнээччи уонна культураҕа киллэриллибит эмтээх үүнээйилэр буолаллар
    МАА ССЭҮү
Өссө холобурдар (1)
  • түөлбэ. Хаһан баҕарар, куруук, эргиччи, өрүү, тохтобула суох Θ Всегда, постоянно. Дьэ, ол куруук киирбэт күннээх, хагдарыйбат чээл күөх оттоох-мастаах бэйдиэ сайын дойду. Хоро дойдута диэн ол буолуохтаах
    Н. Заболоцкай

2 сыһыат #

Олус элбэхтик, аһара күүскэ (мэлдьэх. этиилэргэ тут-лар)

Нууччалыы Много, чрезмерно (обычно употр. в отриц. оборотах)

  • Бу дойду чөкөтө бэрт. Ордук урут сөмөлүөт, массыына сылдьыбат эрдэҕинэ, атын сиртэн ый баһыгар-атаҕар биир эмит киһи кэлэн барара. Онон, ол-бу тумуу-сөтөл бэйдиэ тарҕаммата.
    Г. Угаров
  • “Ойуун абааһыта буулаабыт ыаллара”, - диэннэр оҕолоох-уруулаах баай, мааны хотуттар бэйдиэ ыалдьыттаабаттар
    И. Гоголев
  • Дьэ дьикти ыт. Бэйдиэ ыт буолбатах... Абааһы кубулуна сылдьар быһыылаах.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Бу түүл бэйдиэ түүл буолбатах, ити адаар муостаах тайах булчут эбээн соргутун, дьолун түһэ буолуохтаах. В. Лебедев (тылб.)

3 сыһыат #

Мээнэҕэ, сыала-соруга суохтук, түбэһиэхчэ

Нууччалыы Зря, попусту, бесцельно (в отриц. оборотах). [Нүһэр Дархан:] Бу тааска олорон _ _ элбэҕи эҥсэ саныыбын, үгүһү өйдөөн кэлэбин

  • Бүгүн даҕаны бу ытык тааска мин эһигини бэйдиэ ыҥырбатым.
    И. Гоголев
  • Эдэр киһиэхэ, бэйдиэ тыллаһыа суохха баара. “
    ХС

4 сыһыат #

Дэбигис, эрэйэ суохтук, түргэнник (мэлдьэх. этиилэргэ)

Нууччалыы Легко, быстро, скоро (обычно употр. в отриц. оборотах)

  • Ханныгын да иһин Ойуурап бэйдиэ бэриниэ суоҕа, ол гынан баран, туһалаах дьыала атахтаныан, бытаарыан сөп.
    Г. Угаров
  • Холкуос бэрэссэдээтэлинэн быыбардыы сылдьыбыттара. Аҕыйах хонон баран аккаастаммытым. Киһи бэйдиэ кыайыа суох үлэтэ быһыылаах этэ. “
    ХС

5 даҕааһын #

суолт. Көннөрү, судургу, туох да уратыта, уустуга суох (мэлдьэх. этиилэргэ)

Нууччалыы Простой, обыкновенный (обычно в отриц. оборотах)

«Б» буукуба