ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

устун

Нууччалыы выражая конкретно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, по которому, по поверхности или в…

Ис хоһооно · 5

1 #

дьөһ

  • Кууһума чуо тиийэн, киэҥ баҕайы түннүктэрдээх дьиэҕэ аһаҕас аан устун иһирдьэ, боруҥуй соҕус көрүдүөр хоско киирдэ.
    А. Софронов
  • Арыы кытыы өттүнээҕи хомотугар тахсан кэлэллэрин кытта, долгуна суох чуумпу уу устун тыы устан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Былырыыҥҥыттан быйыл күһүҥҥэ диэри бу хамсаабат хара тыа устун төһөлөөх сири икки атаҕынан тэлбитин айбыт таҥара бэйэтэ билэр
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
  • Солбуйар ааттары кытта сэдэхтик туттуллар. Θ С местоимениями употребляется редко (вдоль). Эн бурдук отун салҕааттаан баран, ол устун таҥнары дьурулаан түс.
    Саха фольк
  • Киһи бу устун таҥнары сүүрэн битигирээн киирдэҕинэ, Үс Ньүкэн Үөдэн түгэҕэр тиийэр.
    П. Ойуунускай
  • Ол устун иһигэр көтөн түстэҕинэ – алаас-сыһыы быһаҕаһын саҕа айдам-сайдам кэй уорук дьиэ буолла
    Ньургун Боотур

2 #

Чопчу суолталаах миэстэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын туох эмэ устунан, үрүт ньуурунан эбэтэр тугу эмэ сырса, батыһа оҥоһулларын көрдөрөргө туттуллар

Нууччалыы Выражая конкретно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, по которому, по поверхности или вдоль которого совершается действие (по, вдоль, в)

3 #

Кэм сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын оҥоһуллар кэмин барыллаан көдөрөргө туттуллар

Нууччалыы Выражая временные отношения, употребляется при указании на приблизительное время совершения действия (к)

  • Сарсыҥҥы устун бу үлэлэрин бүтэрэ сатыахтаахтар.
  • Силээхтэ киэһэ устун бу соҕуруу ыалга кэлэрэ буолуо
    Чолбон

4 #

Миэстэ сыһыанын бэлиэтээн, сороҕор "ханна эмэ тилийэ" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы Выражая пространственные отношения, иногда употребляется в значении "везде" (по)

  • Бииктэр Харытыанабыс кэлбит сураҕа Тоҕой Сэлэ устун тута тарҕаммыта.
    Л. Попов
  • Сотору үөрэх дьыла бүтэн, эксээмэннэр кэннилэриттэн устудьуоннар сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар тутуу этэрээттэригэр киирэн, өрөспүүбүлүкэ устун тарҕаспыттара.
    Н. Лугинов
  • Николай Алексеевич оҕуһун кытта Күүстээх Уйбааны тардыһыннарбыт сураҕа Дүпсүн улууһун устун тилийэ сүүрэр
    И. Бочкарёв

5 этии #

Этиилэр

Ороҕун устун сүүрпүт көр орох

  • Мэник-тэник уолаттары ол дьон орохторун устун сүүрдүбэттэр ини.

Ыал устун бар (сырыт) көр ыал

  • Мин эрэйдээх ийэ-аҕа диэни билбэтэҕим, киһини билиэхпиттэн ыал устун сылдьан иитиллибитим.
    Күндэ
  • Мин тыыммын бу биэлсэр өрүһүйдэ, оҕолорум, ойоҕум ыал устун баралларыттан быыһаата.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Муомаҕа ыал устун барбыт дьон ахсаана түөрт уон биир бырыһыаҥҥа тиийбитэ.
    И. Алексеев

Ыал устун ыыт көр ыал

  • Кинээскэ үҥсэн, ынахтарын тутан ылыа, ыал устун ыытыаҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол обургулар кинини, биир түүн иһинэн сиэбин тэбээн, ыал устун ыыталлар.
    ФЕВ УТУ

«У» буукуба