ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэстээ

туохтуур

Нууччалыы давать кому-л. что-л. взаймы, в долг

English (finance) to loan on credit

1 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ тугу эмэ иэс биэр

Нууччалыы Давать кому-л. что-л. взаймы, в долг

  • Киниэхэ икки мөһөөҕү иэстээтим. Миэхэ харчы иэстээ

2 туохтуур #

Иэскин көрдөө, иэскин эбэтэр төлүөхтээҕин ирдээ

Нууччалыы Взыскивать долг

  • Сотору улахан мунньах буолар, сэтээтэл дайыымпаны иэстии тахсар үһү.
    А. Софронов
  • Хаһан эрэ ылбыт биир солкуобайдарын Уйбаан иэстээн муҥнаата.
    Амма Аччыгыйа
  • [Дьаарбаҥ Дьааҥса:] Ити буоллаҕына эһиэхэ сылдьыбат буоллаҕым, биэрбэт хамнаскытын булан иэстиэхпит.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Биир Күн Дьэкиим, иэһин иэстии, чугастааҕы ыалларын түүрэйдэтэлээн, итиигэ-буһууга киллэртээн баран, дьиэтигэр төннөн испитэ
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Кимтэн эмэ тугу эмэ баар гынарын эбэтэр толорорун модьуй

Нууччалыы Требовать от кого-л. выполнения или осуществления чего-л

  • Былаан туолуутун хайыы-үйэ аныгы ыйга иэстээри гыналлар
  • көр иэстэс (3). Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэн-хааҥҥыттан иэстиэм буолуо.
    П. Ойуунускай
  • Дэлээһэп түөкүн, миигин өлөртөрбүтүн иһин, онон хаалыаҥ суоҕа, эн халыҥ тириигиттэн, хараҥа хааҥҥыттан миигин үлэһит-хамначчыт иэстиэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Бэйикэй, булларбын эрэ сөпкүн көрдөрүөм, куттаммыт эрэйбин иэстиэм, аны түүнү быһа көрдөтөн муҥнаабат оҥоруом. Софр. Данилов

«И» буукуба