ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыбыһын

туохтуур

Нууччалыы стесняться, смущаться; испытывать робость, пугаться

туохтуур

Кимтэн эмэ толло санаа, симитин

Нууччалыы Стесняться, смущаться; испытывать робость, пугаться

  • Урут дойдубар сылдьан, ыараханы сүгэн истэхпинэ кыыс көрүстэҕинэ, кыбыстан суолтан туоруу сыһарым.
    Т. Сметанин
  • Мин Аайаны үҥкүүгэ ыҥырбытым. Билиҥҥэ диэри бу баар курдук өйдүүбүн кыыс кытарбыт, кыбыстыбыт сирэйин, илибирэс итии тарбахтарын уонна ураты истигэн этин!
    Далан
  • Туох эрэ итэҕэстээххиттэн, тугу эрэ омсолооҕу оҥорбуккуттан саата санаа. Θ Стыдиться, совеститься от сознания предосудительности содеянного, или своих недостатков. Арай мин эрэ чэпчэки кэнсэлээрийэ үлэтигэр сылдьабын. Мин кыбыстабын ээ онтон.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Кини таҥара дьиэтигэр хаһан да сылдьа илигэ, -- киирдэхпинэ бэргэһэбин устуом, оччоҕо тараҕай төбөбүн көрөн дьоннор күлсүөхтэрэ диэн кыбыстара.
    М. Доҕордуурап
  • Билиэххин баҕараргын ыйытартан хаһан да кыбыстыма, билбэтиҥ ордук кыбыстыылаах. Л. Толстой (тылб.)

«К» буукуба