ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэбирээ

туохтуур

Нууччалыы становиться непрочным, ломким, хрупким, слабым

English to become fragile or brittle

1 туохтуур #

Бөҕөтө суох, алдьанымтыа буол

Нууччалыы Становиться непрочным, ломким, хрупким, слабым

  • Марбаала диэн соҕотох эмээхсин бүтүн бөһүөлэккэ чанчарыгынан аатырар. "Таҥас сууйдахха кэбириир", - диэн куолулаах эбит.
    Л. Попов
  • Тыал күүһүрдэ. Өрүс мууһа кэбирээтэҕэ. "Кыым". Искусственнай солко илиттэххэ улаханнык кэбириир. Дьиэ к

2 туохтуур #

Мөлтөх туруктан, мөлтөө-ахсаа (доруобуйа туһунан)

Нууччалыы Стать подверженным всяким болезням, хвори, ослабевать (о здоровье)

  • Аармыйаҕа барарыгар ыарытыйар этэ. Ол иннинэ сэлликтээн улаханнык кэбирии сылдьыбыта.
    ХС
  • Кини тиийиммэт усулуобуйаҕа үөрэнэ-үөрэнэ, олус күүрүүлээхтик үлэлээн, төрүкү кэбирээбит доруобуйатын үгдэриппитэ. КНЗ ТС. Любовь Федоровна төһө даҕаны уруккутун курдук оҥорорун оҥоро, дьаһайарын дьаһайа сырыттар даҕаны доруобуйата кэбирээбитэ
    ПНИ АДХ

3 туохтуур #

Барыны бары олус чугастык ылын, уйадый

Нууччалыы Воспринимать все близко к сердцу, стать чувствительным

  • Доҕорбун аһыйан, дьэбир соҕус бэйэм, кэбирээтим.
    Ф. Софронов
  • Сааһыран истэҕим аайы кэбирээн иһэбин. Тулуйан көрбөт да буолан хааллым.
    В. Яковлев
  • [Оппуон оҕонньор:] Ол аанньанан ытаабат. Соҕотохсуйа санаан, кэбирээн ытыыр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. кеврэ ‘слабеть’

«К» буукуба