ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмүскэн

туохтуур

Нууччалыы защищаться от кого-чего-л

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кимтэн, туохтан эмэ быыһанар миэрэни тутун

Нууччалыы Защищаться от кого-чего-л

  • Бандьыыттар манна киирдэхтэринэ, биһиги да сэриилэһиэхпитин, көмүскэниэхпитин сөп.
    Н. Якутскай
  • Көйүүртэн көмүскэнэн, ытыстарын хаптаҕайынан "тэс" гына сырбатыналлар.
    Н. Заболоцкай
  • Үһүс периодка харса суох албастары субурутан очукуо ыллым, киһим олус көмүскэнэн, сэрэттилэр.
    НЕ

2 туохтуур #

Ыарыыттан харыстан, утарсыс

Нууччалыы Беречься, защищаться от болезни

  • Сэллигинэн ыалдьааччыны кымыһынан эмтээһин түмүгэр ыалдьааччы организмын ыарыыттан көмүскэнэр күүһэ үрдүүр
    ЩМФ ККЭБС

3 туохтуур #

Буруйа суоххун, кырдьыккын дакаастаа

Нууччалыы Доказывать свою невиновность, правоту; оправдаться

  • Онтон Семен Романович, иккиһин тыл көрдөөн, бэйэтин көмүскэммитэ.
    Н. Лугинов
  • Буруйданааччыларга көмүскэнэр быраап хааччыллар.
    ССРС К

4 этии #

Көмүскэнэр өҥ - от-мас, сир-дойду дьүһүнүгэр дьүөрэлэһэн, таба көстүбэт буолан, саһан көмүскэнэр өҥ (хол., куобах хаарга дьүөрэлэһэр маҥан өҥө, бочугурас ойуурга таба көстүбэт эриэн өҥө) Айылҕаҕа көмүскэнэр өҥнөөх кыыллар, көтөрдөр үгүстэр

Нууччалыы Защитная окраска

«К» буукуба