Перевод с якутского
көһүт
туохтуур
Нууччалыы ждать
English to wait
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы ждать
English to wait
өр көһүттүм я долго ждалI waited a long time
2 туохтуур #
Ким, туох эмэ баар буоларын, кэлэрин кэтэс
Нууччалыы Ожидать кого-что-л
Тохтобулга көһүтэн турбут дьон трамвай диэки саба сырыстылар. Амма Аччыгыйа Миигин улуу дьыалалар Көһүтэллэр, көһүтэллэр Тоҕус аартык тоҕойугар, Сэттэ аартык түмүгэр. И. Гоголев Дьыл-хонук аастар ааһан иһэр эбээт, эйигин көһүппэт. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Үчүгэй! - диэтилэр, - тиийэн кэлбиккит. Үлэ эһигини көһүтэр С. Данилов
3 туохтуур #
Үргэн ыраахтан куоппат, тэһииргээбэт буол, булчуту чугаһат (булт, ордук кыыл, куобах эҥин туһунан)
Нууччалыы Близко подпускать охотника (о зверях, напр., при подходе с подветренной стороны)
Бүгүн былыттаах, тыала суох, куобах көһүтэр күнэ. Булдунан оҕо оонньоотоҕуна, булт көһүппэт буолар үһү Амма Аччыгыйа
4 этии #
Нууччалыы Как и следовало ожидать
Көһүппүт курдук - туох эрэ буолуохтааҕын сэрэйбит, билбит курдук Барыта көһүппүт курдук буолла. Көһүтэрбэр көхсүм көһүйдэ (күүгэнэ баранна, кыараата) - олус уһуннук күүттүм диэн муҥатыйар олук. Θ От ожидания спина занемела (сузилась, засохла - речевая и фольк. формула-сетование о томительном ожидании). Ахтар айыыһыппыт. Анаабыта буолуо диэммин, Көһүтэрбэр Көхсүм кыараата.
П. ОйуунускайКүтүөт кэлиэ диэммин, көһүтэрбэр көхсүм көһүйдэ. Н. Туобулаахап Др. тюрк. күзет
5 этии #
Көһүтэр саала - вокзалларга айаннааччылар тырааныспары күүтэр, сынньанар киэҥ хосторо Киэҥ-куоҥ көһүтэр саалалаах баксаал таас дьиэтэ, онтон аҕыйах хаамыы сиргэ остолобуой бааллар. "Кыым"
Нууччалыы Зал ожидания
6 #
көһүй 1 диэнтэн дьаһ. туһ. Кыһыҥҥы уһун күнү быһа суоруна тутааҕар ытыскын чэрдитэн, көхсүгүн көһүтүөҥ. С. Федотов