ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ойуун

аат тыл

Нууччалыы человек с сверхъестественными способностями: костоправ и лекарь, ясновидящий, предсказатель; шаман

English shaman

1 аат тыл #

истор. Саха былыргы итэҕэлинэн аптаах-хомуһуннаах отоһут, эмчит; айдарыылаах киһи (анал таҥас кэтэн, дүҥүрдэнэн кыыран дьону үтүөрдэр, дьылҕаларын түстүүр кыахтаах буолан, дьон олус толлор, сүгүрүйэр киһилэрэ)

Нууччалыы Человек с сверхъестественными способностями: костоправ и лекарь, ясновидящий, предсказатель; шаман

  • Арай били эмээхсинэ итэҕэйбэккэ, икки ойууну хардарыта кыырдаран, көрүү көрдөрбүт.
    Болот Боотур
  • Мин ойуун кутурарын үтүктэбин.
    Н. Тарабукин
  • Ойууннар саха дьонугар күүс-көмүскэл буолар, олох ыарахаттарыттан быыһыыр, өрүһүйэр, аартык арыйар дьоммут этилэр
    А-ИМН ОЫЭБЫ

2 аат тыл #

Саха билиҥҥи өйдөбүлүнэн: норуот эмчитэ, көрбүөччү, бөлүһүөк

Нууччалыы У современных якутов: народный целитель, ясновидящий, предсказатель

  • Саха ойуун диэн тыла син биир "барыны-бары билэр, өйдөөх, муударай, бөлүһүөк" диэн өйдөбүллээҕэ чахчы эбит.
    В. Кондаков
  • Билиҥҥи наука кыайан быһаарбат кыахтаах отоһуттарын, ойууннарын бары да билинэр, кинилэргэ эмтэнэр, кинилэр тустарынан суруйар буоллулар
    МАП ЧУу

3 этии #

Этиилэр

Абааһы ойууна көр абааһы

  • Ытык ыһыытыгар абааһы ойууна эрэ кыырыахтаах. БСИ ЛНКИСО-1938.

Айыы ойууна көр айыы I

  • Айылҕа тойоҥҥо үҥсүһүннэрээри айыы ойуунун кыырдарбыттар. Саха сэһ. I. Айыы ойууна ытык ыспат, кэрэх туруорбат, сидьиҥ, куһаҕан ыарыы төрдүгэр киирбэт. БСИ ЛНКИСО-1938. Былыр алгыс алҕаан араас айыыларга үҥэн-сүктэн ыһыаҕы аһар айыы ойууна баар эбит. СНЕ ӨОДь.

Кулахы ойууна көр кулахы

  • Ити кулахы ойууна диэни сорох киһи билбэтэ да буолуо.
    А. Софронов
  • Истиэнэҕэ кулахы ойууна тыһыргыыр тыаһа кытта иһилиннэ.
    М. Доҕордуурап

Мас (күөрчэх, ытык) ойуун көр мас

  • [Силээхтэ Сэмэн:] Манна тугу гына мас ойуун курдук эргичийэ тураҕын?
    Н. Неустроев
  • Эһэ күөрчэх ойуун курдук, өрө ытылла олорор үһү.
    Далан
Өссө холобурдар (2)
  • Хотойо чыҥыргыы түһээт, ытык ойуун курдук, эргийэн кулахачыйда.
    Д. Апросимов
  • Ср. тюрк. ой ‘прыгать, скакать’

«О» буукуба