Перевод с якутского
солоо
туохтуур
Нууччалыы ясный
English (agriculture) to clear
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы ясный
English (agriculture) to clear (forest, land)
тыаны солоо расчистить лесto clear the forest суолу солоо прорубить просекуto clear a path
2 туохтуур #
Мастаах, ыарҕалаах сири мастарын түөртэлээн ыраастаа, ыраас сирдэ таһаар
Нууччалыы Расчистить лес, корчуя деревья (напр., под пашню)
Бу курдук сирин Маайа аҕата Бабыкый оҕонньор солообута, хас да сыл бурдук ыспыттара. Эрилик Эристиин Кэнники икки күн Дьөгүөрдээх тыа солообуттара. М. Доҕордууарп Тыаны солоон суолла оҥостуоҕуҥ А. Фёдоров
3 туохтуур #
Маһы умнаһа эрэ хаалар гына мутугун ыраастаа, мутаа
Нууччалыы Обрубать ветви, очищать ствол от ветвей
Биир күрүө тоһоҕотун саҕа маһы быһыта охсон ылан, мутуктарын солообутунан барда. Амма Аччыгыйа Мас кэрдиитэ мутугу солуурдааҕар ыар үлэ буолан биэрдэ. ХС Мөлтөһүөрдэр мутугу солообуттара ХС
4 туохтуур #
Сорох сыһыаты кытта холбоһон "туох эмэ бүтүнү хайыт, алдьат, үлтүрүт" диэн суолталанар
Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями имеет значение "рвать, ломать, разрушать что-л. цельное"
Уу тоҥ күөнүнэн быһыты тоҕо солоон ааспыта. Амма Аччыгыйа Өрүс үрдэ, тугу барытын тоҕута солуох айылаахтык халҕаһалыы анньан, аллара диэки ахсымнык барылыы устан барда. П. Филиппов "Умайар таас" [таас чох] саас үрэх халаана очуоһу хайа солообут дьапталҕатыттан көстүбүтэ ХС
5 этии #
Нууччалыы Проложить, открыть дорогу к чему-л., куда-л
Суолла солоо - туохха эмэ суолла ас, суолла тэл Кэм инни көрүнэн, эрдэттэн олоон, суолу солоон сылдьар ордук. Болот Боотур Күн аайы суол солуур этибит Өспөт дьол айанын аартыгар. С. Данилов Сэбиэскэй судаарыстыба -- куосумаска бастакынан суолу солообута. СГПТ. Суолун солоо - ким эмэ суолунан бар, кими эмэ батыс. Θ Идти по чьим-л. стопам, следовать путём кого-л. Мин Киристиэс Айыы Тойон Таҥара миэхэ ыйбыт суолун солоон баччааҥҥа диэри олох олорон кэллим.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
[Эркээни - Киис Бэргэҥҥэ:] Илбиһи иҥэртэрдэххинэ аҕаҥ суолун солуоҥ, Кини курдук хаардаах от түгэҕин саҕа Хара өһүөн олбохтонуоҥ. И. Гоголев Бии оҕонньорум эрэйдээх суолун солоон, -- үрэх баһыгар тахсан, биир тымыр сыыһын сууйа сырыттым. Онтон кыра көмүс оҕотун булан киллэрдим. Суорун Омоллоон