ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылбах

аат тыл

Нууччалыы нанесённый течением и скопившийся в одном месте лес, плавник

1 аат тыл #

Уу аҕалбыт маһа күөрэ-лаҥкы кыстаммыта эбэтэр оннук охтубут, киһи охторбут маһа

Нууччалыы Нанесённый течением и скопившийся в одном месте лес, плавник

  • Көҥүһү туора икки кэккэ тоһоҕолуу саайталаатылар, хахыйаҕы, талаҕы, араас сылбаҕы соһон аҕала-аҕала, ол тоһоҕолор быыстарыгар хатыйа симитэлээтилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Туртаһы сүүрүк сылбахха сыбаабыта, туртас икки талах икки ардыгар кыбыллан хаалан баран, төбөтүн ньолбоччу быраҕан, хамсаабакка сыппыта.
    И. Федосеев
  • Куобах оллороот-боллороот ынах бүөрэ сирдэринэн, эрийэ-буруйа сүүрэр, охтон сытар маһы, сылбаҕы үрдүнэн ойуоккалыыр
    Н. Заболоцкай

2 этии #

Нууччалыы В беспорядке, свалившись куда попало

Этиилэр

Сылбах курдук

туох да бэрээдэгэ суох, ханна түбэһиэх Атыттар эмиэ муостаҕа сылбах курдук сыттылар да, муннуларын тыаһа баччыгынаабытынан барда.

  • Аан аттыгар киэҥ наараҕа сүлүллүбэтэх элбэх куобах сылбах курдук кыстанан сытара.
    Н. Габышев
  • Өлбүт табалар сылбах курдук оҕуннулар. И. Данилов

3 этии #

Этиилэр

Сылбах бүтэй (күрүө) көр бүтэй II

  • Чүөчээски аҕыйахтык хаамарын кытта сылбах күрүө барыс гына түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Дьэ, ити иһин бэрт өрдөөҕүттэн бүтэйдэммит буоламмыт, бүтэйбит да арааһа элбэх буолара: боотулу бүтэй, хадай бүтэй, сылбах бүтэй, быһыт бүтэй эбэтэр сиэлии бүтэй. Багдарыын Сүлбэ. Урукку сылбах бүтэйин оннугар түөрт мас остуолба бүтэйинэн эргийбиттэр.
    Г. Нынныров
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. телеут. йылма аҕаш ‘дерево без ветвей’

«С» буукуба