Перевод с якутского
сырай
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы греть, согревать или варить что-л. на огне
English dial cf сирэй face
1 туохтуур #
Тугу эмэ ититээри эбэтэр буһараары уокка чугаһат, уот суоһугар тут
Нууччалыы Греть, согревать или варить что-л. на огне (у огня)
Таһыттан киирбит киһи бөҕүөрбүт илиилэрин уокка сырайбыта. И. Федосеев Лэппиэскэни, саха ууһа оҥорбут анал тимиригэр сырайан буһараллар ТИИ ЭОСА
2 туохтуур #
Суоһаа, суоһаан итит, итиинэн сылыт (уоту, күн уотун этиллэр)
Нууччалыы Излучать жар, быть жарким
Оһох иннигэр уот сырайар сиригэр олордум. Кутаа уотун суоһугар Кукаакытын сырайда. Эллэй. Үөһэттэн сайыҥҥы күн сытыытык чаҕылыйан ип-итиинэн сырайар.
Н. ЛугиновСр. ДТС йару ‘светиться, сиять; сиять, радоваться’
3 #
көр сирэй. Хайа оччоҕо таҥарабыттан хайа сырайбынан көрдөһүөхпүнүй? А. Софронов. "Сырайыҥ кырасыабайын сөбүлээтэҕэ", – Оллооноп күллэ. С. Данилов. Тюрк. чырай, сырай