Перевод с якутского
тобулун
Нууччалыы стать благоразумным, рассудительным, образумиться
Ис хоһооно · 5
1 #
Өйүҥ-санааҥ аһыллан, быһыыны-майгыны, олоҕу билэр буол
Нууччалыы Стать благоразумным, рассудительным, образумиться
тобул диэнтэн бэй., атын. туһ. [Бэлисипиэт] Оҥоһуутун көрөбүн: Хаамырата тобуллубут, Саарыктара тостубут. Р. Баҕатаайыскай Уулаах оройунан тобуллубут чомпой бэргэһэни сүүһүн диэки умса ууруммут. Эрилик Эристиин Хайаатар да ханнык эмэ ньыманы тобулунуо этэ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (3)
Хаһан өйдөнөр, тобуллар муҥнаахтар буолла? И. Гоголев Ити боппуруоска санаам тобулунна. Далан Биригэдьиирдээ. Эдэр киһи сайдан тобуллан иһиэҥ буоллаҕа А. Данилов
2 #
Куолаһыҥ чөллөрүйэн, иҥнибэккэ ыллаа
Нууччалыы Открываться, раскрываться (напр., о голосе), разливаться (напр., о песне)
Петь свободно, литься, раздаваться. [Николай] кэнникинэн куолаһа улам тобуллан, тохтообокко туойар буолбута. Н. Степанов Дьэ, улам тобуллан Тарҕаата Дорҕоонноох ырыата. Н. Рыкунов Үчүгэй ырыаһыт туойан доллоһутан истэҕин аайы күөмэйэ ордук тобуллар диэн этэллэрэ кырдьыктааҕын Александр Самсонов бу киэһэ бигэргэттэ Кыым
3 #
Уруккугунааҕар ордук табыллан тугу эмэ гын (хол., кэпсээ)
Нууччалыы Делать что-л. лучше чем раньше (напр., рассказывать), раскрываться
Оҕонньор уутугар-хаарыгар киирэн, сэһэнэ улам тобуллан барда. Болот Боотур [Салайааччы дьахтар] Дьону түмэргэ Дьоҕура тобуллар. Р. Баҕатаайыскай Галина Васильевна сэһэргэһэн истэхпит аайы улам тобуллан улгумнук кэпсии-ипсии олорбута ХС
4 этии #
Этиилэр
Өһө тобуллар суола көр өс II
Булт туһунан кэпсэтиигэ, эһэм, дьэ, өһө тобуллар суола.
Өһө тобулунна көр өс II
Оҕонньор өһө тобуллан кэпсээн барда
5 этии #
Этиилэр
Сэһэнэ тобуллар көр сэһэн
Эмээхсин үөлээннээхтэрин кытта сэһэнэ тобуллар