ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тойук

аат тыл, сыһыат

Нууччалыы якутская песня-импровизация с запевом "дьиэ-буо"

1 аат тыл #

"Дьиэ-буо" диэн тылтан саҕаланар, тута хоһуйан, кылыһахтаан толоруллар саха ырыата

Нууччалыы Якутская песня-импровизация с запевом "дьиэ-буо"

  • Бу дьоллоох-соргулаах күлүмнэс күннэргэ Эйэҕэс тойукпун, дьэ, ыллыым, дьэ, туойуум!
    П. Ойуунускай
  • Дьоллоох тойук, дьогдьоот киэһэ, Дьолу булбут мин дойдум.
    С. Данилов
  • Сахалыы эҥээркэй тойук Сатарыы турбут бэрт ыраахха
    Л. Попов

2 сыһыат #

суолт., кэпс. Наһаа ыраах

Нууччалыы Очень далеко

3 этии #

Нууччалыы Долгая песня, долгое дело; то, что не скоро может завершиться

Этиилэр

Куба лахсыыр тойуктаах көр куба

  • Ол улуу дуолаттар моргуор бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар.
    Д. Апросимов

Кус-хаас тойуга көр кус-хаас

  • [Көтөр бииһин ууһа] кими талары сахсыһан араас кус-хаас тойугун түһэрбиттэр.
    Суорун Омоллоон
  • Уруокпун аахпыта буолан, кус-хаас тойугун түһэрэбин.
    А. Бэрияк

Оҕо тойуга көр оҕо

Тойук дойду көр дойду

  • "Токоҕо эрэ түстэхпитинэ дьону булабыт. Ол тойук дойду", – диэбитэ Василий Петрович, хаартаны ылан тэнитэ-тэнитэ.
    Н. Босиков
  • Тойук дьыала кэпс. – өтөрүнэн бүппэт туох эмэ дьыала, үлэ-хамнас Куорат кииниттэн мас дьиэлэри барытын көһөрөллөрө тойук дьыала. "Кыым".

Халлаан тойуга

халлаан тыла диэн курдук (көр халлаан).

Хой тойугун туой

хой баһын туой диэн курдук (көр хой).

  • Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ букатын хой тойугун туойар.
    ЭК

Хоро тойуга көр хоро

  • Хотон кэннигэр Хоро тойуга айманна.
    С. Васильев
  • Ср. уйг. туйук, туюг ʻчетверостишие, в котором рифма построена в игре словʼ, чагат. тойук ʻрод поэзииʼ; якут. туой ʻпетьʼ + ук

«Т» буукуба