Перевод с якутского
тырыбынаа
туохтуур
Нууччалыы искриться, сверкать
1 туохтуур #
Чаҕылыҥнаа, күлүмнээ, кылабачый
Нууччалыы Искриться, сверкать
Тыһыынча сулус манна Тырыбыныы тыгар. Баал Хабырыыс Күстэх, үрүҥ көмүс уорҕатынан күн уотугар өрө тырыбынаан кылбачыйбахтаан төлө түһэн, уу хараҥа түгэҕэр түһэн хаалла. Т. Сметанин Былыт кыйданар, чаҕыл уоттаах Сулус тырыбынаан тахсар И. Эртюков
2 туохтуур #
Илибирии мөҕүс (чыычаах туһунан этэргэ)
Нууччалыы Трепыхаться, трепетать (о птичках). [Сылгы чыычааҕа] "Чырып-ирип" саҥараахтыыр, Тырыбыныы көтөөхтүүр
Эллэй. Ымыы өрөгөйдөөхтүк "чырып!" диэт, өрө көттө, харыйа, бэс булкаастаах сис тыа үрдүнэн тырыбыныы дайда. И. Гоголев Күөх халлааҥҥа күөрэгэй көтөн тырыбынаан тахсан, көстүбэт үрдүккэ тимирэн, ыллаан дьырылатар М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Олус кэрэ, эдэр көрүҥҥүнэн харахха быраҕылын (үксүгэр кыыс туһунан этэргэ)
Нууччалыы Блистать молодостью, красотой (обычно о девушке)
Биир эмэ тырыбынаабыт барахсан атаҕын тумсунан дугунан тыкаарыйан аастаҕына – хайаан нохтолоох сүрэх битир-битир тэппэт, хайҕахтаах хара быар хамсаабат буолуо этэй?! Күрүлгэн. Анастасия Петровна Лыткина үрүҥ аанньал курдук мааны да мааны, маҥан да маҥан, кыраһыабай бөҕө адьас бу тырыбынаан олорор эбит. ӨӨ ДДьДТ. Кимтэн да аккаастыыр тылы истибэтэх, бэйэтин кэрэтигэр олус эрэллээх тырыбынаабыт кыыс онуоха кыыһыран туллайбыта. "Чолбон". Алт., телеут, леб. тыр ʽдрожаниеʼ