ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэл

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы резать

English to cut

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы резать

English to cut

  • оҕус тириититтэн быата тэл
    нарежь бычью шкуру на ремниcut the bull skin into straps
I

2 туохтуур #

Сытыы биилээҕинэн тугу эмэ (хол., сарыыны) устатынан хайыт, тыыр

Нууччалыы Резать, разрезать что-л. чем-л. острым (напр., замшу) вдоль

  • Уол ойоҕор тайах тириитин сарыылаан, түөртүү илии кэтиттээх дэлэй быаны тэлэн бэлэмниир.
    Саха фольк
  • Эмээхсин -- лөкөй тайах уорҕатын тириитин тэлэн -- бөҕө-таҕа гына сулар оҥорон бэлэмниир. ФГЕ СТС. Инчэҕэй, намчы иирэ талаҕы умнаһын ортотунан хайа тэлэн баран быһах ончоҕунан сыһыары сыыйа тардан быа курдук имигэс буолуор дылы имитэллэр
    АЭА ТЫС
  • Тугу эмэ силэйэн, икки аҥы хайытан инниҥ диэки бар. Θ Идти, двигаться вперёд, рассекая, прорезал что-л. "Победа" теплоход иннин диэки дьулустар дьулуһан, муора уутун көҥү тэлэн, Ионическай муора ыраас урсунунан устан иһэр.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)

3 туохтуур #

Суолла оҥор; солоо

Нууччалыы Прокладывать дорогу

  • Аан бастаан тэлэн айанныыр суол куруутун ыарахан, оттон төннөр суол төһөҕө да чугас, судургу.
    Далан
  • Бэлэм хайыһар суолунан, дьон сылыктаан тэлбит суолунан, адьас дьигиргээн да көрбөккө түстүм.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Туотук хаар түһэрин кытта Көөҥүрэ үрэх куулатынан хайыһар суолун тэлбитэ
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (3)
  • Оту хотуурунан охсон тэлиини оҥор. Θ Делать прокос (на сенокосе). – Дьэ манан киирэн тэлэн барыах, ол көстөр хахыйахха диэри, – Пуд Ильич миэхэ тахсар сирбин ыйан биэрэр.
    Далан
  • Маҥнайгы оҕобун Маҥнай көтөҕөрүм тэҥэ долгуйа Маҥнайгы хотуур суолун тэлэрим.
    И. Гоголев
  • Кинилэр хас биирдиилэрэ бу артыал ходуһатыгар бастакы тэлиини тэлэн, бастыҥ охсооччу аатын ылар баҕалаах этилэр
    А. Бэрияк

4 туохтуур #

Тугу эмэ хайа көтөн үүнэн таҕыс (хол., тииһи, үнүгэһи этэргэ)

Нууччалыы Прорезываться (о растущих зубах); прорастать (напр., о почках растений)

  • Кэҕэ кыыл кэпсиир, Кэрэ өтөн үөтэр, Кэпсэллээх чыычаах кэккэлиир, Кэрэ сэбирдэх тэлэн Киэлитин киэргэтэр.
    С. Зверев
  • Саҥа тэлэн эрэр мутукча сыта минньигэс даҕаны.
    А. Сыромятникова
  • От-мас эмискэ тэлэ тэбэн, көҕөрбүт, сууммут-тарааммыт курдуга
    И. Федосеев

5 этии #

Этиилэр

Эрэйи эҥээринэн тэлэн, муҥу муннунан тыыран көр муҥ

  • Аан Ийэ дойдуга уол оҕо барахсан ортотунан курданан, уһугунан дугунан сылдьарын усталаах туоратыгар, оччоттон-баччаҕа диэри эрэй бөҕөнү эҥээринэн тэлэргэ, муҥ бөҕөнү муннунан тыырарга ананан айыллар буоллаҕа эбээт.
    Далан
  • "Эрэйи эҥээринэн тэлбит, муҥу муннунан тыырбыт" киһи дииллэрэ сахалар элбэх эрэйи-муҥу көрбүт киһи туһунан. Софр. Данилов. Харыйаан эрэйи эҥээринэн тэлбитин, муҥу муннунан тыырбытын барытын биэс тарбах курдук билэр буолан, Киргиэлэй доҕорун эмиэ да аһына, эмиэ да үтүө дууһалаах киһи диэн хайгыы санаата. А. Бродников
II

6 аат тыл #

Туохха эмэ (хол., сыарҕаҕа, тыыга, дьиэ аанын иннигэр) тэлгии уурар хаптаһын

Нууччалыы Стлань, подстилочные доски (напр., на санях, в лодке, у входа в дом). [Оппоос] араас тэрилин тыытыгар ууран, бэркэ оҥостон тэлигэр олорон, үрэҕи туһулаан эрдибитинэн барда

  • В. Тарабу кин. Адарай үрдүнэн сыарҕаҕа туора тэлгэнэр тэл мастар титириктэн хаптаҕай гына суоруллан -- бэлэмнэнэллэр. АНП ССХТ. Муоста тэл маһа киһи атаҕын анныгар көстүбэккэ сытан эргичиҥниирэ.
    А. Гайдар
  • Ср. ДТС тил ʽразрезать на узкие полоскиʼ, тел ʽпробиватьʼ, каракалп. тилиу, уйг. тилмак ʽнарезать, разрезатьʼ

«Т» буукуба