ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэһиин

аат тыл

Нууччалыы повод, поводья

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ыҥыыр акка икки өттүнэн үүнүгэр баайан салайар быа

Нууччалыы Повод, поводья

  • Дабыыт уол ат тэһиинигэр түсүһэн туора сиэтэн таһаарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Чыычаахап тэһиинин ыҥыырын хоҥсуоччутугар иилэн, атын дьаалатынан ыытан иһэр. Софр. Данилов. Ат хаһыҥырыы түһээт туора ойдо да, тэһииниттэн иҥнэн тохтоото
    Тумарча

2 аат тыл #

Былыр сахаларга: ойуун таҥаһын көхсүгэр тигиллибит икки тимир тиэрбэскэ иилиллэр сэрэмээт быа

Нууччалыы В старину у якутов: ремешок из сыромяти, прикреплённый к двум кольцам на спине шаманского костюма

  • Ойуун олбоҕор олорбутугар тэһиинин кэтэртилэр

3 аат тыл #

Туох эмэ сүрүн өттө, сүнньэ

Нууччалыы Что-л., являющееся основной, главной частью чего-л

  • Уустук эбит мэлдьи "сээн" дэтэр, Олох тэһиинин кытаанахтык тутар.
    И. Федосеев
  • Чулуу булчут күн-дьыл тэһиинин эрчимнээх илиитигэр тута сылдьар, бэйэтэ баҕарбытынан салайар.
    ХС
  • Кэлин өйдөөбүтүм, төһө да аҕыйахтык саҥардар, биллибэтинэн кэпсэтии тэһиинин кини салайан испит
    ЫДЫа

4 этии #

Нууччалыы Дать порку кому-л., сразить кого-л. [Манчаары:] Торҕо уодьуганым тутуллара, Тор тэһииним тардыллара, Түүнүктээх түрмэбэр төннөрүм Хаайа хааман кэллэ

Этиилэр

Тэһииннэ тут (туттар) көр тут I

  • Күтүөттэрин тэһиин тутаннар, дьиэл аһаннар диэрэ дэпсэ үрдүгэр олортулар. ПЭК ОНЛЯ I. Күтүөттээх кийиит күүттэрэннэр, Аргыый дьигиһитэ хаамтаран, Ыраахтан тэһиин туттаран, Дьиэлэригэр тиийэн кэллилэр. Дьуон Дьаҥылы. Сэргэ төрдүгэр икки кыыс оҕо тэһиин туппуттар, көтөҕөн түһэрбиттэр.
    Саха фольк
  • Ср. др. -тюрк., тюрк. тизгин ʽузда, повод у узды’

«Т» буукуба