ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

умнаһыт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы нищий, попрошайка

1 аат тыл #

Туга да суох быстар дьадаҥы, дьонтон харалта көрдөһөн, умналаһан аһыыр киһи

Нууччалыы Нищий, попрошайка

  • Оҕонньор, били урут аар-саарга аатыран олорбут бэйэтэ, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат барымайыгар, уулусса умнаһытыгар кубулуйбут. Софр. Данилов. Онно ас дэлэй үһү, умнаһыты мээнэ харайаллар үһү, кини умналаан мээнэ булабын диир.
    Эрилик Эристиин
  • Дьиэҕэ мас тайахтаах улуус умнаһыта, матаҕатын сүкпүтүнэн, ньохчойон киирэн кэллэ
    А. Сыромятникова

2 даҕааһын #

суолт. Тыыннаах буолар үбэ, кыаҕа суох, умналаһан аһыыр, быстар дьадаҥы

Нууччалыы Нищий, оставшийся без средств существования, живущий подаянием

  • Биир куһаҕан баҕайы таҥастаах, такыр илиилээх умнаһыт оҕонньор киирэн кэлэр.
    Суорун Омоллоон
  • Кини умнаһыт олоҕо татым бэйэтэ Амарах эрэ сүрэхтээххэ аһыннарара.
    С. Данилов
  • Англия колонията Бу Аден куорат буолар, Уулуссаҕа ол туоһута Умнаһыт уолчаан буолар
    И. Гоголев

«У» буукуба