ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уопсай

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы общий

English general, public; common

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

Нууччалыы общий

English general, public; common (shared by various people or things)

  • уопсай сүөһү
    общественный скотpublic cattle
  • уопсай аһылык
    общепитpublic catering

2 даҕааһын #

Бииргэ сылдьар элбэх киһиэхэ сыһыаннаах

Нууччалыы Принадлежащий, свойственный всем, касающийся всех, общий

Өссө холобурдар (1)
  • Сеня хаһыытын уопсай айдааҥҥа Никита эрэ өйдөөн иһиттэ
    Н. Лугинов

3 даҕааһын #

Элбэх киһи оҥорор, туһанар

Нууччалыы Производимый, используемый коллективно, общий

  • Ким эрэ сууйбут таҥаһын уопсай куукунаҕа куурдар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу кэмҥэ уопсай кимэн киирии буолуохтааҕа.
    М. Доҕордуурап
  • “Уопсай бэрээдэктэн ханна туораары гынаҕын!?” – диэн күтүөтэ хатыылаахтык саҥарда. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Уол:] Уопсай оонньууру эн тоҕо бэйэҥ дьиэҕэр илдьээри гыммыккыный? “
    ХС

4 даҕааһын #

Биир, майгыннаһар өрүттээх

Нууччалыы Свойственный Үкому-л. одновременно с другим, сходный, взаимный, общий. [Ньукулай:] Бу эрэ дьиэҕэ мин санаабар уопсай санаалаахтар бааллар диирим

  • [Үчүгээйэп:] Уопсай интэриэһи көрүөх тустаахпыт.
    С. Ефремов
  • [А. Е. Кулаковскай] сүүһүнэн дьон уопсай өрүттэрин аата-суола суох киһинэн сирэйдээн көрдөрөрү ордорор
    ФЕВ УТУ

5 даҕааһын #

Барытыгар сыһыаннаах, бүтүн

Нууччалыы Весь, общий

  • Артыал бүгүҥҥү күннээх уопсай баайа – алта ат, уон биир оҕус, уон үс ынах.
    А. Бэрияк
  • Уопсай салайыыга, кэпсэтиһиигэ Танялара бэйэтэ сырытта.
    В. Яковлев
  • Уопсай дьоҕур диэн киһи уопсай сайдыытын үрдүк таһыма. ЧКС ОДьКИи. [Куорат кыбартаала] уларыйбыта элбэх этэ гынан баран сирин уопсай көстүүтэ уруккутунан турара.
    ЛВ

6 даҕааһын #

Сүрүн, биллэр эрэ өрүттэрин таарыйар

Нууччалыы Содержащий только самое существенное, без подробностей

  • Ваня маҥнай-утаа уопсай тылларынан бэрт сэргэхтик эппиэттээн истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаһыат сорох суруйуулара кэм да уопсай ыҥырыынан муҥурданаллар, сорох боппуруостары сырдатыыга дириҥник иҥэн киирбэттэр. “Кыым”. [Салайааччы] мунньахтар ахсааннарын эрэ эккирэтэр, уопсай ис хоһоонноох үгүс уураахтары ылыынан үлүһүйэр быһыыттан букатыннаахтык аккаастаммыта. “Ленин с. ”

7 аат тыл #

суолт. уопсай дьиэ диэн курдук. Уопсайдар сүүһүнэн түннүктэрин уоттара чаҕылыһа, сандаара түспүттэр. Далан. Ханнык да ырайга эн ыырдан, Ханнык да аар ааттан, көй чыыннан, Доҕоруом, эн умнуо суохтааххын Сэргэлээх иккитэ – уопсайгын. С. Данилов.

Этиилэр

Икки этээстээх соҕотох дьиэ көстөр

ыаллар уопсайдара үһү.

  • С. Руфов

8 этии #

Этиилэр

Биир тылы бул көр бул

  • Дьыалабыай дьоннор куруутун уопсай тылы булааччылар. ПН ДЫ. Кини оҕолору наһаа таптыыра, кинилэри кытары түргэнник уопсай тылы булара.
    ОТК

9 этии #

Уопсай аат тыл үөр. – биир уустаах үгүс дьүөрэлии предметтэр бөлөхтөрүн бэлиэтиир аат тыл Таабырын биир суол бэлиэ өттүнэн сирэй ааты уопсай аат суолтатынан туттааччы. Саха фольк. “Күөх Көппө” диэн тыл сүрэҕэ суохтарга иҥэриллэр уопсай аат буолбута. Суорун Омоллоон. [Оҕолор] предметтэр ааттарын ааҕан, уопсай ааттарын этэллэр, ону учуутал дуоскаҕа суруйар. КИИ МКТТҮө.

Нууччалыы Нарицательное имя

Этиилэр

Уопсай дьиэ көр дьиэ I

  • Үс мэндиэмэннээх уопсай дьиэ, чыычаахтарын көтүппүт уйа курдук, иччитэхсийбит.
    Л. Попов
  • Уопсай дьиэ иһэ сып-сылааһынан ил гынна.
    Н. Лугинов

Уопсай тэтэрээт

кытаанах соҕус тастаах элбэх лиистэрдээх халыҥ тэтэрээт.

Толстая тетрадь в плотной обложке, общая тетрадь.

  • Суумкаттан килэйээҥки тастаах уопсай тэтэрээти ылан биэрбитин Тогойкин арыйа баттаабыта.
    Амма Аччыгыйа
  • Максим сахалыы хоһооннору институкка сылдьан устубут уопсай тэтэрээтин кырыы дьааһыгыттан хостоон булла.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Уопсай чилиэн тыл үөр. – холбуу этиигэ киирсэр судургу этиилэргэ барыларыгар сыһыаннаах ойоҕос чилиэн. Общий второстепенный член в сложносочинённом предложении

«У» буукуба