Перевод с якутского
уһаар
туохтуур
Нууччалыы производить выплавку железа (или другого металла) на заводе; выплавить железо, золото (или другой металл) в кузнечном горне
English cause float
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Собуокка тимири (атын да металы) ууллар; кыһаҕа тимири, көмүһү (атын да металы) ууллар (тимир ууһун этэргэ)
Нууччалыы Производить выплавку железа (или другого металла) на заводе; выплавить железо, золото (или другой металл) в кузнечном горне (о кузнеце)
Аны кэлэн мин кыһам кытыастыа, мин кыстыгым көмүһү-алтаны уһаарыа, уулларыа дуо?
Суорун ОмоллоонУйбаан уус: "Уһааран, уулларан уус ахан буоллаҕым", – диэн субу-субу ыллаан куйаарар. М. Доҕордуурап Манна тимир уустара болгуолары уһаарар оһохторо бааллара МАП ЧУу
2 туохтуур #
Ууллубут тимири (атын да металы) хатаран таһаар; тимири хатар, хатаран тугу эмэ оҥор (тимир ууһун этэргэ)
Нууччалыы Производить закаливание сплавленного железа на заводе; калить, закаливать, изготовлять что-л. путём закаливания (о кузнеце)
Кэтит биилээх, чараас иэдэстээх чэпчэки баһымньылары уһааран, кыстыгын тыаһа лыҥкыныы ыллаата. М. Доҕордуурап Уһааран оҥоруох тустааххын Дьикти тимиртэн иччилээх тыллааҥҥын Хомуһуннаах хомуһу хоҥкунас тыастааҥҥын. ХС Соҕурууҥҥу собуоттар хайыы-үйэ чугууну тымныылыы үрдэрэн уһаарбыттара, таҥастаабыттара Кыым
3 туохтуур #
Тугу эмэ тупсаран оҥор, чочуйан таһаар; эрчий, буһаран-хатаран таһаар
Нууччалыы Улучшать, вытачивать что-л.; закалить кого-л
Баҕарабын мин бары дьоҥҥо Саргы эҥээрдээх саҥа дьылы, Уус тыл уйадытар баай абын Уһаарар поэт чулуута төрүөн. И. Эртюков Саҥа олох сайдар-үүнэр Кылаассабай охсуһуутун Кыһатыгар уһаарбытыҥ. Күннүк Уурастыырап Олоҕу кини бэйэтэ оҥорон, уһааран, инники кэккэҕэ испитэ Э. Соколов
4 этии #
Этиилэр
Тимир (тимири) уһаар көр тимир II
Апполинарий аҕата тимир уһаарар собуокка литейщик этэ, ийэтэ дьэитигэр олороро. П. Филиппов Былыр саха уустара тимири хайдах уһааралларын туһунан М. Я Струминскай -- сиһилии суруйбута. СНЕ ӨОДь. Археолог А. П. Окладников тимир уһаарар оһохтор ордон хаалбыт тобохторун булаттаабыта. ДНА СХБКК
5 туохтуур #
Сүүрүк устун уһуннаран атын сиргэ ыыт, илт (хол. маһы)
Нууччалыы Сплавлять по течению (напр., древесину)
Сайын өрүс баһыттан тутуу маһын уһаардахпытына, бэйэбэр биир кыра дьиэ маһын аҕалыныам, туспа ыал буолуом диир. Болот Боотур Биһиги Дьокуускайга болуот уһааран иһэр дьону кытта олорсон, өрүһүнэн айаннаан киирбиппит. ЭК Уста сылдьар носуоһу сүүрүк эбэтэр тыал уһаарбатын наадатыгар дьаакырданыахтаах БАА ОКН