ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хойуу

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы с ослабленной текучестью, густой

English thick

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Уу курдук убаҕас буолбатах, түргэнник сүүрбэт, халыйбат, мөлбөркөй

Нууччалыы С ослабленной текучестью, густой (о жидкостях)

  • Кимиэхэ хойуу, кимиэхэ убаҕас (өс ном.). Сеня "фирменнэй" бүлүүдэтэ – миин диэҕи хойуу, хааһы диэҕи арыый убаҕас, бэйэтэ ааттыырынан "соркуой диэн ааттаах ас".
    Н. Лугинов
  • [Таня] арыылаах лэппиэскэни, хойуу суораттаах күөрчэҕи мотурҕата олордо. Дьүөгэ Ааныстыырап. Биэ уоһаҕа хойуу, сыстаҥнас, араҕас дьүһүннээх, амтана олус минньигэс.
    ААФ КС

2 даҕааһын #

Ордук үксээн чугас-чугас симсэ үүммүт, симэ буолбут (оту-маһы, киһи баттаҕын эҥин этэргэ)

Нууччалыы Густо растущий, часто расположенный (о лесе), густой (напр., о волосах)

  • Силбэһэ сыспыт хойуу хаастара күөгэс гынан хамсыыллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бырдах уулаах, хойуу оттоох ходуһа сиригэр ордук сытыйан үөскүүр.
    Н. Заболоцкай
  • Галя -- хойуу ыас хара баттаҕын көннөрүнэ-көннөрүнэ, сирэйин көрүннэ.
    И. Попова
Өссө холобурдар (1)
  • Тула өттүм хойуу талах, титирик мас бүрүйэ үүнэн кэбиспит сирэ
    ХС

3 даҕааһын #

Ханан да дьэҥкэрбэт (салгыны, буруону, былыты этэргэ)

Нууччалыы Насыщенный, плотный, густой (о воздухе, дыме, облаках)

  • Хойуу, тымныы салгын мин аһаҕас моонньубун кууспахтыыр, таныыбын кычыгылатар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыһын муора үксүн хойуу туманынан бүрүллэн турар буолааччы.
    Н. Якутскай
  • Ананий хойуу буруоҕа түбэһэн тумнаста сыһыталаата
    М. Доҕордуурап

4 даҕааһын #

Олус элбэх, дэлэй

Нууччалыы Многочисленный, густой (о скоплении кого-чего-л.)

  • Ыраах толоон уҥуор хойуу ыал уоттара кытыастан көстөр.
    Эрилик Эристиин
  • Кырса суола сорох сиринэн хойуу, сорох сиринэн сэдэх, букатын хаары алдьаппат.
    Н. Якутскай
  • Тыаҕа эһэ элбэх, сорох сиргэ өссө олус хойуу
    Н. Заболоцкай

5 даҕааһын #

Дорҕоонноохтук иһиллэр, намыһах (үксүгэр эр киһи саҥатын этэргэ)

Нууччалыы Полнозвучный, низкий, густой (обычно о мужском голосе)

  • Кэлин диэкиттэн Ефрем Николаевич хойуу куолаһа сатарыйбытыгар дьон соһуйан ходьох гына түстүлэр.
    Н. Лугинов
  • Түгэх хос сэгэйэн турар аанынан эр киһи астык, хойуу саҥата иһилиннэ.
    Н. Габышев
  • Нөҥүө хоско Уоһук сөҥ, хойуу саҥата бордьугунуур
    Д. Таас

6 аат тыл #

суолт., харыс. т. Киһи-сүөһү сааҕа

Нууччалыы Кал. Саҥа төрөөбүт кулун аһыырга бэрт сотору үөрэнэр, хойуута бэрт сотору хараарар. АНП ССХТ. Гастриттаах киһи аска иҥсэрэр, тахсан киирэрэ булкуллар: үөһүрдэр эбэтэр хойуута хатар. АВТ ГСЭ. Оҕо хойуутун мэлдьи кэтээн көрөн, бириэмэтигэр чохчотуллуохтаах. ВА ОМЫа

7 этии #

Этиилэр

Хойуутугар бөппүт, убаҕаһыгар чачайбыт көр бөт II

  • Хойуугар бөтөҥҥүн, убаҕаскар чачайаҥҥын, баайгар бардамнааҥҥын, Сыллай түөкүн, киһиттэн чиэски тылламмыккын, урааҥхайтан утары майгыннаммыккын!
    Амма Аччыгыйа
  • [Манчаары:] Чоочолор, истиҥ тылы истиэххитинээҕэр хойуугутугар бөтөргүтүҥ, убаҕаскытыгар чачайаргытын ордорор эбиккит!
    И. Гоголев

Хойуутугар быһахтаммыт, убаҕаһыгар хамыйахтаммыт көр убаҕас

Урааҥхайдар биһиги

Омук-өһүк Убаҕаһыгар хамыйахтамматахпыт!

  • Хол дойду Хойуутугар быһахтамматахпыт! С. Васильев

8 этии #

Нууччалыы Кумысная заправка, закваска

Этиилэр

Көйөргөлөөх хойуу көр көйөргө

  • Баҕарах таҕатын курдук көйөргөлөөх хойууну туругурдан, күн-ый быатын тутан олорбуппут.
    ИН ХБ

Кымыс хойуута

кымыс иһит түгэҕэр сөҥөн хаалбыт хойуута (кымыс оҥорорго туһаныллар) Кымыһы оҥорооччулар, үчүгэй кымыһы оҥордохторуна, кымыс сөҥөн хаалбыт хойуутун мунньан ылан хатараллар уонна эһиилги кымыска көөнньөрүү оҥосторго ууруналлар.

  • ЩМФ ККЭБС.

Хойуу чэй

олус хара гына барбыт чэй.

Крепкий чай.

  • Бары саҥа солуну уруккуттан Силиппиэн Абыраамапка сүөгэй үрүҥнээх хойуу чэйи иһэ-иһэ, кэпсээн сипсийээччи.
    Л. Попов
  • Сөдүөччүйэ хойуу чэйтэн утаҕа ханан, көхсө кэҥээтэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС, тюрк. хойуҕ

«Х» буукуба