ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хойуук

аат тыл

Нууччалыы большая лодка для перевозки людей, груза

1 аат тыл #

, эргэр., түөлбэ. Дьону, таһаҕаһы таһар улахан өрүс оҥочото

Нууччалыы Большая лодка для перевозки людей, груза

  • Сайын улахан оҥочону (хойуугу) уот оттон ас буһарар состуоктаах, дьон олорор сиринэн хатырык сарайдаах, остуоллардаах, олоппостордоох, түннүктээх, бобуоскалаах оҥороллор эбит. Багдарыын Сүлбэ. Өлөксөй малын сыыһын хойуукка тиэйбиттэрэ.
    И. Федосеев
  • Кинилэр син эрдэ кэлэ сатаабыттарын үрдүнэн хойуукка дьон толору олорбуттар
    И. Бочкарёв

2 этии #

Этиилэр

Хойуук оҥочо көр хойуук

  • Биэстии-алталыы хоно-хоно, уһун хойуук оҥочолорун балыгынан толорон, бэчимэнэн тардан, бэйэлэрин үрэхтэрин өксөйөн тахсан, дьиэлэрин анныгар тохтууллара.
    Болот Боотур
  • Дьаарбаҥҥа, Буор ыларга хойуук оҥочолор лаппа хойукка, отутус сыллардаахха диэри тутуллубуттара. Багдарыын Сүлбэ. Өрүс долгунугар, Үрэх да сүүрүгэр, Хойуук да оҥочонон Холкутук туоруугун.
    К. Туйаарыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Русск. каяк

«Х» буукуба