Перевод с якутского
хооруй
туохтуур
Нууччалыы жарить, поджарить что-л
1 туохтуур #
Аһы арыыга ыһаарылыы охсон ыл, сииргэ бэлэм гына сырайан ыл
Нууччалыы Жарить, поджарить что-л
Сылгы ойоҕоһун кырбаһын кэриэрбит хобордооххо хооруйа уурда. И. Гоголев Эриэппэни туора бысталаан баран, алаадьы курдук итии билиитэҕэ хооруйан сииллэрэ. ПАЕ МСТ. Хобордооххо эти хооруй ЯРС
2 туохтуур #
Кими эмэ таарыйа сэмэлээн, хомуруйан ыл
Нууччалыы Задевать кого-л. за живое упрёками (не имеющего отношения к происходящему), затрагивать
Таарыйа, туох да кыттыга суох Соҕуолаах ууһу кытта хооруйдулар. Күннүк Уурастыырап Платон Алексеевич түмүк тылын саҕалыырыгар кыыһырыан оннугар киэҥник мичээрдээн кэбистэ… Кини бэйэтин утарсааччытын кыратык да хооруйар, өһүргэтэр тылы туттан көрбөтө. Н. Заболоцкай Ср. тат. куыру ‘жарить, зажаривать’