ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоҥуруу

аат тыл

Нууччалыы переносица

English nasal bridge

1 аат тыл #

Мурун кырыыта, сиһэ

Нууччалыы Переносица

  • Үөһээ бытыга намыччы үүммүтүттэн кини сирэйин быһыыта хайдах эрэ сыалыһар хоҥуруутугар маарынныыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бааска тэллэх ытын таптыырдыы илиитинэн сылгы ньолойбут хоҥуруутун имэрийээри сарбах гынна.
    Далан
  • Ср. тел. коҥыр ‘переносица’

2 этии #

Нууччалыы Ни во что не ставить кого-что-л., не придавать никакого значения кому-чему-л., совсем не считаться с кем-л. (букв. переносице своей даже не уподобляет)

Этиилэр

Хоҥуруутугар хоннорбот (холообот)

туохха да тэҥнээбэт, улахаҥҥа уурбат, болҕомтоҕо ылбат, букатын кыһаллыбат Атына диэн киниэхэ өссө да мэниктиҥи, тугу да хоҥуруутугар хоннорбот, хайысхах соҕус майгыта буолуо.

  • [Ыалдьыттар] дьиэлээхтэри хоҥурууларыгар хоннорботтор.
    И. Данилов
  • Хаста да көнөтүнэн этэн көрбүтүн, Борускуо хоҥуруутугар хоннорбот курдук туттара-хаптара. И. Левин

«Х» буукуба