ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыас

аат тыл

Нууччалыы смола, берёзовый вар

English gum, resin

Ис хоһооно · 4
II

1 аат тыл #

Хатыҥ туоһун кыра гына дэлби кырыйан уонна чараас гына хаҕылаан, туой эбэтэр чугуун күөскэ симэн, сүөгэйинэн сиигирдэн баран, кыһыл чоххо ууран оргутуллубут, хара дьүһүннээх чөчүө, сымала (ыстыырга эбэтэр силимҥэ тут-лар)

Нууччалыы Смола, берёзовый вар (употр. для жевания или заклеивания чего-л.)

  • ыа I диэнтэн холб. туһ. Аанчык дьиэҕэ киирбэккэ, титииккэ ааһан, ынах ыаһа барда.
    Эрилик Эристиин
  • Мавра кыыһыгар ынах ыаһан көмөлөһө сатыыр.
    М. Доҕордуурап
  • Көстөкүүн ынах да ыаспатар, бу сарсыарда эмиэ эрдэ уһугунна. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Ийэбит куруук ыас ыстаан ыллаҥныы-ыллаҥныы Маайалаах Бүөтүр диэки алап-дьалап көрөн аһартыыр.
    Эрилик Эристиин
  • Туостан хара ыаһы өрүөххэ, сымаланы буһарыахха сөп. АЕЕ ӨҮОБ. Иһит сиигин ыаһынан сыбаан бүөлэниллэр
    ТИИ ЭОСА

2 аат тыл #

Хамса чоҕойо

Нууччалыы Нагар в курительной трубке

  • Харахтарын көһүөтүгэр – Хамса ыаһын сыбыыллар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Эбэм субу-субу тирэх хатырыгын хамсатын ыаһыгар булаан, симэн, хамсатын миэхэ биэрэн оһохтон уматтарар.
    С. Данилов
  • Хопто уола Мэхээлискэ быһах төбөтүнэн муос хамса ыаһын күчүгүрэччи хаһа олорор
    Эрилик Эристиин

3 этии #

Этиилэр

Ыас гынан ыстаа

ыстыыр ыас оҥоһун диэн курдук (көр ыстаа).

  • [Күөх Көппө:] Бу эн миигин ыас гынан ыстаама. Миигин оннооҕор аҕам даа үөрэппэт этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Сата куолутунан эрин ыас гынан ыстаабытынан барбыта.
    Далан

Ыстыыр ыас оҥоһун көр ыстаа

  • Балаҕанын иһинээҕилэрин өссө бууһа ыстыыр ыас оҥоһунна.
    И. Гоголев
  • Кэс ынаҕы сайын ортото уолларда диэн ыстыыр ыас оҥостуоҥ.
    Н. Апросимов
Өссө холобурдар (1)
  • Бары уһун тыллаахтар Хандулайы ыстыыр ыас оҥостубуттара.
    ХС

Ытыс таһынар хараҥа көр таһын II

  • Суоппуйа туран чүмэчини саба үрэн кэбистэ, ытыс таһынар ыас хараҥа буолла.
    Д. Таас
  • Күһүҥҥү ытыс таһынар ыас хараҥа бүрүүкээбит. В. Ойуурускай

4 этии #

Этиилэр

Ыас хара көр хара

  • Петров ыас хара хараҕынан мичээрдээн килбэлдьитэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыас хара куоска күүлэттэн ампаар диэки сүүрдэ.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Ыалбыт кыыһа Сардаана Ыас хара суһуохтаах.
    П. Дмитриев
  • Ср. ДТС саҕыз, хак. саас, уйг. сегиз, алт. саҥыс, чув. сухар ‘жевательная смола; камедь’

«Ы» буукуба