Перевод с якутского
ыгылый
туохтуур
Нууччалыы растеряться от волнения, гнёва, испуга и т. п
1 туохтуур #
ан эмэ долгуйан кыыһыран эбэтэр куттанан холкугуттан таҕыс, ыксаа
Нууччалыы Растеряться от волнения, гнёва, испуга и т. п
Манчаары ойуур диэки көрөөт, сүрэҕэ күүстээхтик тэбиэлээтэ уонна ол диэки тэбиннэ. Кэннигэр Дьөгүөр Оҕо ыгылыйбыт ыһыыта иһилиннэ. И. Гоголев Куобах оҕото туппуттарыгар олус ыгылыйан оҕолуу ытаан сордоммута. ФВН КК. Дьахтар саҥата, оҕо часкыыра, эр киһи бардьыгынааһына биирдэ оргуйан барбытыгар, Миичик барыах-кэлиэх сирин билбэт буола ыгылыйда Сайа
2 туохтуур #
Тугу эмэ оҥоро охсоору тиэтэй, ыксаа
Нууччалыы Стараться сделать что-л. быстрее, скорее, торопиться. – Бытааннык хаамп, ханна ыксыыгын! – диир инники иһэр бэкигир киһи, туораан биэрбэт. – Ыгылыйыаҥ, ордук сылайыаҥ
Боппуруостарга ыгылыйбакка эппиэттииригэр сүбэлээбитэ. Хоро Бүөтүр. Албастарын [тустууга] -- ситэ бэлэмнэммэккэ эрэ оҥороллор, ыгылыйаллар, ыксыыллар. ВВ ТТ. Киэһэ быһыкка кутаа оттубуттара, түүҥҥү симиэнэ оробуочайдара ыгылыйбакка холкутук үлэлииллэрэ. МАС ТК