ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытыктаа

туохтуур

Нууччалыы уважать, чтить кого-л., преклоняться перед кем-л

English to honor, to respect

1 туохтуур #

Кими эмэ улаханнык убаастаа, киниэхэ сүгүрүй

Нууччалыы Уважать, чтить кого-л., преклоняться перед кем-л

  • Сүрэхтээбит аҕам кэриэтэ ытыктыыр, сүгүрүйэр, холобур туттар киһим уола.
    Н. Лугинов
  • Василий Протодьяконов-Дьэргэли диэн киһи барыта ытыктыыр кырдьаҕаһа.
    П. Филиппов
  • Ыччаты, үүнэр көлүөнэни уруккуну билэр, өйдүүр, сыаналыыр, өбүгэлэрин ытыктыыр, үрдэтэ тутар буоларга иитии холобура диэн итинник буолар
    Чолбон

2 туохтуур #

Тугу эмэ улаханнык сыаналаан, киниэхэ сүгүрүй, өрө тут, харыстаа (хол., сири-уоту)

Нууччалыы Чтить что-л. свящённое, заветное (напр., местность)

  • Биһиги, Бүлүү кырдьаҕас эбээннэрэ, бу тааһы улаханнык ытыктыыбыт.
    И. Гоголев
  • Сахалар бэйэлэрин төрөөбүт тыаларын ытыктаан "баай хара тыа", "аар тайҕа" диэн ааттыыллар.
    И. Данилов
  • Хайа да түөлбэҕэ дьон ытыктыыр, харыстыыр сирдэрэ баар буолаллар
    Хомус Уйбаан
Өссө холобурдар (2)
  • Ханнык эмэ кыылга, көтөргө сүгүрүй (саха итэҕэлин, үгэһин кытта ситимнээх). Θ Почитать какое-л. животное, птицу, преклоняться ему (связано с якутскими верованиями, обычаями). Онтон ыла Үйээнди биирдэ да эһэни бултаспатаҕа үһү, ытыктаан, суолун да быһа кэспэт буолбут.
    Болот Боотур
  • Балартан кинилэр тайаҕы ордук ытыктыыллара, итэҕэллэригэр киллэрэллэрэ. БИГ ӨҮөС. Зоопаркаҕа хотойдору ытыктаан, тумна соҕус туттан, ботугураһан кэпсэтэн аастыбыт
    ХС

«Ы» буукуба