Перевод с якутского
элбэх
туоһулааччы, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы многочисленный, состоящий из большого количества кого-чего-л
English many
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Ахсаанынан баһаам үгүс (һаҕыйах" диэҥҥэ утары суолталаах быһаарыыта суох аат)
Нууччалыы Многочисленный, состоящий из большого количества кого-чего-л
Кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх! Саха фольк Киэһээлик кулуупка элбэх дьон мустубуттара. М. Доҕордуурап Элбэх түннүк кылбаарар. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Бу күөллэргэ чыыр бастар бараммат элбэх этэ. С. Курилов (тылб.)
2 аат тыл #
суолт. Ахсаанынан аҕыйаҕа суох, үгүс ахсааннааҕа
Нууччалыы Большое количество, множество
Охоноос бэрт элбэҕи кэпсээтэ. Амма аччыгыйа. Кыргыһыы уотугар элбэхтэр умсаннар сиэртибэ буоллулар. Күннүк Уурастыырап Кини этиитин элбэхтэр сэргэҕэлээтилэр, сөбүлээтилэр. М. Доҕордуурап Дьиэлээх тойон, кыратык итирэн, Дьикти элбэҕи сэһэргээтэ С. Васильев
3 этии #
Нууччалыы С тех пор много воды утекло
Этиилэр
Элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо көр аҕыйах
[Бытыктаах хаайыылаах:] Оҕолоор, сибилигин босхолонуоҕуҥ, элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо. С. Ефремов
Элбэх уу устан ааста
ол кэмтэн элбэх кэм аастаҕа диэн суолтаҕа Онтон ыла син элбэх уу устан ааста.
Хомус Уйбаан.
Элбэх хаар уулунна көр хаар
Ол кэмтэн, ама даҕаны, элбэх хаар уулуннаҕа. ХС
Элбэх үрүҥү-хараны көр
олоххор араас моһоллору, күчүмэҕэйдэри, ыарахаттары көрүс.
Пройти огонь и воду и медные трубы
4 этии #
Нууччалыы Множественное число
Этиилэр
Элбэх тылланыы
норуот эбэтэр хайа эмэ бөлөх күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар хас да тылы тэҥҥэ билэн кэпсэтиитэ.
Многоязычие.
Элбэх тылланыы
биир күлүүскэ элбэх тыллаах буолуу.
ЭБЭДь А. Ср алт. элбек 'достаток; достаточный, обильный', тув. элбек 'много', монг., бур. элбэг 'обильный, изобилующий; обилие, изобилие'