ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмис

даҕааһын

Нууччалыы толстый

English fat, greasy

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Дьиэлээхтэр сүүнэ улахан күөл эмис чыырын мас кытаҕы өрөһөлүү кыһан кэбиспиттэрэ.
    Болот Боотур
  • Охоноон эмис собо сытынан бургучуйар чугуунун остуолга уурда.
    Л. Попов
  • Ити дьыл куобах мэнээҕэ дохсуннук үөскээн турар этэ, эмиһэ да бэрт этэ
    Эрилик Эристиин

2 даҕааһын #

Элбэх сыалаах, минньигэс; уойбут (хол., эт, балык, булт аһын туһунан)

Нууччалыы Жирный (напр., о мясе, рыбе, дичи)

3 даҕааһын #

Эттээх, этиргэн, суон (киһи туһунан)

Нууччалыы В теле, тучный, упитанный (о ком-л.)

  • Ол аайы, эмис киһи тиритэн, ньалҕарыйан баран, өттүк баттанан ымаҥныы турарын курдук, моччоруспут муус түннүктэр күлэн дьэлтэрэҥнэһэллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Баай киһи… Эмиһин көрүмэ… таһа эрэ кэрэ, иһэ атын.
    Н. Павлов
  • Эмээхсин, эмиһэ бэрт буолан, ити да сорукка баран кэлбитин ыарырҕаабыт
    Күрүлгэн

4 даҕааһын #

Уойан төрөлкөй буола улааппыт, төлөһүйбүт (үксүн сүөһүнү этэргэ)

Нууччалыы С хорошей прибавкой в весе, упитанный (о скотине, животных)

  • Онтон сотору соҕус, Арыылаах алааска олорон, уол туой уоран эмис ынаҕы булан сиэҕин санаталыыр да, абаҕата Чоочо биир байтаһын ынаҕын дьиэтигэр илдьэн өлөрөн сиир.
    Саха фольк
  • Сараапап оҕустары, эмистэрин-көтөхтөрүн билээри, кэрийэ сылдьан бигэтэлээн, туппахтаан көрүтэлиир.
    Н. Якутскай
  • “Сүөһүнү балачча сылыктыыр эбит ээ, бу түөкүнүҥ: сааһын да сабаҕалыыр, эмиһин да эндэппэккэ билэр, тыаҕа үөскээбит кыайар быһыылаах”, оҕонньор Симоны элэккэй хараҕынан тургута көрдө.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС, тюрк. семиз ‘жирный, тучный, упитанный’

«Э» буукуба