Перевод с якутского
эстэриик
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы кремень, из которого высекают огнивом огонь
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
эргэр
Киһи барахсан кэрэни айыахтаах – Элиэнэ эҥсиллэр даланын курдук, эстэриик бараммат кыымын курдук, Эрдээх хотой айанын курдук. Д. Апросимов [Аҕам] эн да буолаҥҥын -- эстэриик курдук чаҕыллар эбиккин! С. Васильев
2 аат тыл #
Хататынан охсон уот кыымын таһаарар ураты таас (былыр оннугунан сахалар уот оттон олороллоро)
Нууччалыы Кремень, из которого высекают огнивом огонь (искры – в старину якуты постоянно его употребляли для разжигания огня)
3 аат тыл #
Былыргы сааны эһэргэ туттуллар чокуур
Нууччалыы Кремень, с помощью которого стреляли из ружья
Оччотооҕуга маннык бинтиэпкэ саа суоҕа, кулгааҕар буорах кутан эстэриик тааһынан эстэр чуор саалааҕым Н. Якутскай Эдэркээн сүрэххэр, илиигэр эстэриик эрчимнээх Эр бэрдэ, долоҕо барахсан. Р. Баҕатаайыскай Эн бааргыттан күрэннилэр күргүөмнүү этиҥ былыттара, Дьааһаан бараннар эккирэтиһэ сүттүлэр күлүмнүү-күлүмнүү Эн иннигэр эстэриик чаҕылҕаннар. С. Тарасов
Өссө холобурдар (1)
[Ленскэйи] инниттэн-кэнниттэн эрилкэй хара эстэриик уоттарынан имэрийэ турдулар С. Васильев
4 даҕааһын #
суолт. Эрчимнээх, дохсун, күүстээх
Нууччалыы Сильный, энергичный, неукротимый
5 этии #
Нууччалыы Употребляется для описания чего-л. прекрасного, прочного, вечного. [Метро] эмэҕирбэт буоллун диэн Эстэриик таас эркиннэммит -- Тулхадыйбат буоллун диэн Толбонноох мыраамар тулааһыннаммыт
Этиилэр
Эстэриик чокуур (таас)
1) эстэриик диэн курдук.
Былыргы саха уоту хататынан, эстэриик чокууру саҕан эрэ ылара.
Суорун ОмоллоонХаллаан сытыы чолбонуттан Уотун ылан уоттаабыт, Эстэриик таас чокууртан Кыымын ылан кыымнаабыт. И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
Эскэл тый быарын саҕа Икки кырыылаах Эстэриик чокуурга Иҥэн кубулуйбут Тырым уоту тыыннаабыт. Саха нар. ыр. II; 2) олус кэрэни, үйэлээҕи, сиэдэрэйи хоһуйууга, тэҥнээһиҥҥэ туттуллар (ордук поэз.) С. Васильев Куттаммат, хоһуун да киһи буоллаҕа, Бирээмэ эстэриик чокуур курдук.
Суорун ОмоллоонЭстэриик таас курдук Эриэккэс тыллары Эймэтэ этиэххэ үчүгэй даҕаны. А. Бродников Сирэйэ-хараҕа сытыыта саҕылла олорор эстэриик чокууру санатара. П. Филиппов