ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чокуур

аат тыл

Нууччалыы твёрдый камень, в старину употребляемый для высекания огня или для воспламенения заряда кремневого ружья, кремень

English flint

1 аат тыл #

Былыр хататынан саҕан уот ыларга эбэтэр сааны эһэргэ туттуллар саһархайдыҥы дьэҥкир кытаанах таас, эстэриик

Нууччалыы Твёрдый камень, в старину употребляемый для высекания огня или для воспламенения заряда кремневого ружья, кремень

  • Арсений чокуурунан эстэр саатын ылла.
    Эрилик Эристиин
  • Чокуурум уота мөлтөөбөтөх, хататым сирэйэ дьэбиннирбэтэх буоллахтарына, уот биэриэхтэрэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Удьурхай хамсатын хостоон, табах уурунна, кыаны кымаахтаан, чокууру кытта бииргэ ыга тутта, хататын охсон сахта
    В. Протодьяконов

2 аат тыл #

Дэбигис булгуруйбат, чиҥ, кытаанах (киһи майгытын этэргэ)

Нууччалыы Твёрдый, сильный, крепкий (о характере человека)

  • "Эһээ, эн итинник эбиккин дуо? – Анфиса кубарыйда, эмиэ чокуур буола түстэ. – Быраһаай, Аркадий!" – аан күүскэ сабылынна.
    Н. Габышев
  • Чокуур курдук ытаһа киһи.
    М. Доҕордуурап
  • Эрэй-муҥ эрийэн, кимнээҕэр чокуур дьоммут
    Ф. Постников

3 этии #

Этиилэр

Чокуур саа көр саа

Чокуур саа

бинтиэпкэ бэрдэ, олус көнө буолааччы.

  • Кэргэнинээн иккиэн мас манааҕаланан, чокуур саа тутуурданан баай хара тыаҕа хорҕойбуттара.
    И. Данилов

Чокуур таас көр таас I

  • Өрүс бу учаастагар чокуур таас элбэхтик көстөр.
    ХС
  • Уматынаары саппыйатын сиэбиттэн чокуур таас куһуогун ылла.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. цахиур, бур. сахюур ʽкременьʼ

«Ч» буукуба