ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ир

туохтуур

Нууччалыы согревать

English to warm up

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы согревать

English to warm up

  • чэйи иһэн ир
    согреться чаемwarm up by drinking tea
I

2 туохтуур #

Итииттэн сымнаан, ньалҕарыйан, ууллан бар (туох эмэ тоҥ туһунан)

Нууччалыы Таять, оттаивать (напр., снег, лед)

  • Ол киэһэ бэйэтэ даҕаны балаҕан иһэ уруккуттан уларыйан, хайдах эрэ үчүгэй, ньир-ньар курдук буолбута, оннооҕор муннуктарынааҕы чэҥнэрэ ирэн ньалҕарыспыттара.
    А. Софронов
  • Уот чугаһыгар турар хахыйахтар кырыалара ирэннэр, күлүмнэһэ оонньууллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыллыбыт от-мас дыргыл сыта, ирбит буор хойуу сыта _ _ быыкаайык дьиэҕэ аҥылыйан кэбистэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Кыһын устата таһыллыбыт балбааҕы ирэрин кытта, тус бэйэтэ салайан, хас эмэ тараах суолунан тараан буору кытта кэбистэ
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Этиҥ-хааныҥ итийэн, сылыйан кэл, тоҥмуккун аһар

Нууччалыы Греться, согреться

  • Ирээри сыарҕатын таһыгар эккирээмэхтээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин ыттары тохтото сатыыр мөхсүү саҕана балачча ирэн баран, хат тоҥон бардым.
    Н. Заболоцкай
  • Чэ, итин, Тоҥно сиэ, оччоҕо ириэҕиҥ. (Ол чахчы: дьиктитин иннигэр Манна тоҥ балык сиэн ирэллэр).
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Испиискэтэ сытыйан, уот оттор кыаҕа суох кытыл устун сүүрэкэлээн ирэ сырыттаҕына, кыттыгаһа кэлэн, уот оттон, чэй өрөн иһэрдэн, абыраабыттаах
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Настроиться на добрый лад, умиляться, расчувствоваться

Этиилэр

Сүрэҕэ ирэр

манньыйар, уйарҕыыр, үчүгэй майгыланар Икки ыйтан ордук ойох гынан олордо да -- сүрэҕэ ирбэтэх, кута-сүрэ киһитийбэтэх.

  • Оччоҕо туундара уолун Тоҥуй сүрэҕэ ирэр, Оонньуур хаана уолугунан Омуннаахтык сүүрэр.
    С. Данилов

Хаана (хаана-сиинэ) ирэр

сымныыр, аламаҕай көрүҥнэнэр.

Приходить в состояние благодушия, иметь мирный, добродушный вид (букв. кровь его тает).

  • Кини долгуйбутун, итэҕийбитин көрөн, бу кинини кытта кэпсэтэр киһи хаана ирэн, мичээрдиир.
    ХС
  • Холкуостаах атастар кэлэннэр Кэккэлии олоро түспүттэр, Хааннара-сииннэрэ ирэннэр Тиэхээни үгэргээн күлбүттэр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)

Харахтара ирдэ

дьиппиэрбитэ ааһан, көрөрө сылаанньыйан, чаҕылыйан, үөрэн кэллэ.

Становиться мягким, ласковым, подобреть; смотреть теплым взглядом, по-доброму ласково, радостно (букв. глаза оттаяли).

  • "Ах, Яша!" – диэн баран, Таня уоһун кырыытынан мичик гынна, тоҥ, тымныы харахтара күн уотугар чаҕылыйан, хайдах эрэ ирэн ыллылар.
    Н. Заболоцкай
  • Өһүөннээх тымныы харахтара улам-улам ирэн, сымнаан бардылар. И. Гоголев

5 этии #

Нууччалыы Вечная мерзлота

Этиилэр

Ирбэт тоҥ

мэлдьи намыһах температуралаах, муус дьапталҕалаах Сир хаҕын үрүт араҥата Биһиэхэ ирбэт тоҥ зоната эмиэ баар.

  • Онон эһиги ирбэт тоҥу үөрэтээччилэргитин кытта ыкса чугастыыбыт.
    И. Федосеев
  • Сити кэмҥэ сир үөһээҥҥи уута ирбэт тоҥу кытта хардарыта дьайсыытын анаан-минээн, умсугуйан туран үөрэппитэ. "Кыым". Ирбэт тоҥтон мэһэйдэтэн сири тобулу киирбэт буоланнар силистэр сири үрдүнэн бараллар.
    Ю. Чернов
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. ери, ири
II

6 #

ир былыт көр ириэнэх былыт. Ир суолун ирдээ, тоҥ (тор) суолун тордоо фольк. – хайаан да ситэрдии сорунан сойуолаа, эккирэт

Нууччалыы Выслеживать, неотступно преследовать (с твердой решимостью обязательно настигнуть врага, зверя и т. д.)

  • Эн миигин сибилигин өлөрбүтүҥ, таһыйбытыҥ да иннигэр убайым Ньургун Боотур обургу кэллэҕинэ, ир суолгун ирдиэҕэ, тор суолгун тордуоҕа, мин кэппин бэйэҕэр кэтэрдиэҕэ.
    Саха фольк
  • Хайа аартыгынан, хайа ааттаах сурахтаах бухатыыр илдьэ барда мин балтыбын, ону киирэн ыйан кулуҥ – ир суолун ирдиэхпин, тор суолун тордуохпун! – диэтэ. Ньургун Боотур. [Ыт] кыраныыссалары кэһээччилэри ир суолларын ирдээн, тоҥ суолларын тордоон туран, күөйэн-хаайан тутарга көмөлөһөр
    ХС

«И» буукуба