ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тук

Нууччалыы быть достаточным, хватать

тук буол – туохха эмэ сөп буол, сөп буола тиий (үксүгэр буолбат ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Быть достаточным, хватать (обычно употр. в отриц. ф.)

  • Бас-баттах тутуннахха туох айылаах ото тук буолуой?
    Далан
  • Максим Николаевич оччолорго аахсар хамнаһа тук буолбат этэ.
    ХС
  • Хоту дойду тыйыс айылҕата -- үүннэрбит маһын ньимси кэрдэн, туттан бараан хаттаан үүннэрэргэ биир киһи үйэтэ кыайан тук буолбат. ГКН КК; тук диэ – кимиэхэ эмэ сорудахта биэр, тугу гынарын соруй, көрдөрөн биэр. Θ Указывать, предписывать, поручать кому-л. что-л. Аныгы дьон уруккулар курдук тук диэтиҥ да барыахтара суоҕа, барыстарын-ночоотторун ааҕыныахтара.
    Далан
Өссө холобурдар (3)
  • "Эн кырдьыгыҥ диэн өрүү салалта тугу тук диэбитин хоту", – диэн биирдэ Черкоев эрэйдээх кэлэйэн эппитэ.
    Н. Лугинов
  • Кини тугу да тук диэбитин толоро үөрэммит аул дьахталлара, буорунан тамныы-тамныы, хап-сабар кыргыттары эккирэтиһэн сарыкынастылар. БТТ; тук курдук – бэлэм сылдьыбыт курдук олус улгумнук, түргэнник (хол., туохха эмэ сөбүлэн). Θ Очень быстро, с готовностью, с лёгкостью (напр., соглашаться на что-л.). Кыыс -- сорудаҕы тук курдук истэр.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Уол тук курдук атыгар хатааста түһээт, халдьаайыны арҕаа өттүнэн киирэн сүүрдэн барбыт. Сэмээр Баһылай. Мин бачча үлэлэтэллэригэр баһыыба дии сылдьар киһи, тук курдук, сөбүлэһэр аакка сылдьабын. "Сахаада". Ср. ДТС тох ‘сытый’

«Т» буукуба