Перевод с якутского
ыр
туохтуур
Нууччалыы худеть, тощать
English lose weight
1 туохтуур #
Аанньа аһаабакка аччыктаан, хоргуйан быһа түс, ыйааһыҥҥын сүтэр, дьүдьэй
Нууччалыы Худеть, тощать
Өлөөнө соҕотох ынахтааҕа, саас ото суох буолан, аччыктаан охтуох курдук дьүүкэрэн ырбыта. П. Аввакумов Ото соппоҥ буолан сүөһүлэр ыраллар, сороҕор өлүөхтэрин да сөп. И. Сосин Түөһэ кырыыланан, ыран, уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалбыт Сэмээр Баһылай
2 туохтуур #
Күүстээх үлэҕэ, ыраах айаҥҥа сэниэҕин эс, сылай, сындалый
Нууччалыы Изматываться, притомляться, уставать, утомляться (напр., от работы, езды)
Оо, бары дьон дууһалара Ытык сэргэ буоллаллар, Айан ырбыт аттара Тохтоон, сэниэ ыллаллар! И. Гоголев Көлүнэн иһэр табалара улаханнык ырбыт этилэр. Н. Якутскай Яков төттөрү-таары тиэстэригэр букатын ыран хаалла, куйаас да илиһиннэрдэ, утаппыта да сүрдээх. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС, тюрк. ар ‘тощать, худеть, отощать; утомляться’