ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыы

ынырыы, аат тыл

Нууччалыы вещество с резким зловонным запахом, вырабатываемое железами самцов некоторых животных (напр., метит место обитания), мускус

English ugh

Ис хоһооно · 9
I

1 аат тыл #

Сорох кыыл-сүөл атыыра былчархайыттан ыган таһаарар, эмискэ саба биэрэр олус куһаҕан сыттаах симэһинэ (хол., сылдьар ыырын бэлиэтиир)

Нууччалыы Вещество с резким зловонным запахом, вырабатываемое железами самцов некоторых животных (напр., метит место обитания), мускус

  • Аҕыйах хонуктааҕыта Амма киһититтэн түөрт бүүчээн ыытын атыыласпыт сурахтааҕыҥ.
    И. Гоголев
  • Бу кырынаас ыытын, быччархайын эбэм мустарар, мэҥиэ гынабыт.
    Суорун Омоллоон
  • Сорох булчуттар атыыр андаатар ыытын мэҥиэҕэ тутталлар
    ТСКБ

2 аат тыл #

Туох эмэ буортуйбут, куһаҕан (хол., дьэбин) амтаннаммыта

Нууччалыы Острый неприятный привкус (напр., коррозии)

  • Дуйа суох иһиккэ оргуйбут уу ыы амтаннанар. СГФ СКТ. Бу үүт ыы амтаннаах
    ЯРС

3 этии #

Этиилэр

Бүүчээн ыыта көр бүүчээн

  • Оҕонньор бүүчээн ыыта ыыппыт этэ. Күрүлгэн

4 этии #

саһыл дьаара буолбут көр ыт II. Сииккэ сиэлэн, Сиикэйгэ хааман, Ыт ыыта, Саһыл дьаара буолан, Ааһан-туоран сырыттахтара. С. Зверев. Ср. тюрк. аҕу ‘струя, мускус’

II

5 #

саҥа алл

  • "Ыы, оҕом барахсан", – диэн Баһылай кыыһын төбөтүттэн бэрт минньигэстик "сыык" гына сыллаан ылла.
    П. Ойуунускай
  • Эмээхсин үөрэн, икки илиитин уолун диэки уунар: "Ыы, тукаам, лааскайыҥ кырынаас балта эбээт".
    Амма Аччыгыйа
  • Ыы, чыычаахтарбын даа, хата, оҕолорум барахсаттар өйдөрө бөҕө
    Огдо

6 #

Сылааньыйыыны, ымманыйыыны бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает теплоту чувства, ласку, умиление

7 #

Кыһыйыыны, абарыыны бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает сильную досаду (эх)

  • Уһун Сэмэн: "Ыы, ити саҥардаххын, баччааҥҥа дылы сыарҕаҕа биэс буут оттон ордук тиэйиллибэт".
    Күндэ
  • "Ыы, сыттаргыт сытыҥ!" – диэн Настя абаран саҥа аллайар.
    Н. Якутскай
  • [Халтаанап:] Ыы, аны бу тойоммут чобуорхайда дии!
    А. Фёдоров

8 #

Ынчыктааһыны бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает стон

  • "Ыы!" – Микиитэ көхсүн түгэҕиттэн ынчыктаан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэ, моһуок! Айыккабыын, айыккабын даа! Ыы! Чуоккаа, Чуоккаа, барыма!
    Суорун Омоллоон
  • Уол ыарыыланан айаҕын аппакка эрэ "ыы" диэтэ уонна харытын көннөрү тутан көрдөрдө
    Чолбон
III

9 #

ыы кырбас оҕолор – уу кырбас оҕолор диэн курдук (көр уу I). Туох да үлэҕэ-хамнаска көдьүүһэ суох сэттэ ыы кырбас оҕолоох этилэр. Күндэ. Дабыыт дьиэтин хас да ыы кырбас оҕолооох, саҥа кэлбит ыалга буор босхо кэриэтэ атыылаан кэбистэ. У. Нуолур. Аҕыйах сыллааҕыта эмдэй-сэмдэй сэрбэкэчиспит ыы кырбас оҕолоро хайыы-үйэ улаатан, сүһүөхтэригэр тура охсубуттара. И.

Этиилэр

Петров; ыы муннугунан (анньылын, кэтилин) көр мурун

  • Үрэх биир тоҕойугар буурҕаттан саһан бүгэ сытар уонча кыыл табаҕа ыы муннунан кэтиллэ түһэр.
    Болот Боотур
  • Тэппэй тыаны туораан иһэн, тыа саҕатыгар турар эргэ өтөххө ыы муннунан кэтиллэ түспүтэ.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Арай биирдэ эрэспиэскэҕэ сылдьан, биир бандьыыкка ыы муннунан кэтиллэ түспүтэ. В. Сыромятников

«Ы» буукуба