Перевод с якутского
илиэһэй
аат тыл
Нууччалыы леший, бес, черт
1 аат тыл #
, миф. Абааһы, адьарай
Нууччалыы Леший, бес, черт
Хата абааһы атамааннара, соҕуруу бөҕө соллоҥноохторо, илиэһэй бөҕө бэттэрэ айыы аймаҕын, күн улууһун дьонун атаҕастыыр күннээх буоллахтарына, ону көмүскүөх, араҥаччылыах тустааххын! Ньургун Боотур. Илиэһэй биистэрэ илэ киирэннэр, Имэҥнээх бэйэлэрэ иэнигийэр буолбуттар.
П. ОйуунускайОл [Муустаах] байҕалтан кэлбит олоҥхо бухатыырдара хаһан да үтүө өттө буолбаттар, алдьатааччы, сиэччи, алдьархайы аҕалааччы амырыын өттө, илиэһэй бииһин ууһа буолаллар А. Сыромятникова
2 аат тыл #
Билигин үксүгэр үөхсүү тылын быһыытынан туттуллар
Нууччалыы Употребляется преимущественно как бранное слово (часто в сочетании со словами уол, кыыс: черт! чертов сын! чертова дочь!)
"Аны итинник ыллыаххыт дуо, илиэһэйдэр!" – дии-дии, уолаттар кулгаахтарын эрийбиттэр. ПНИ ДКК. Илиэһэй уола Им-ньим сылдьан, Испииринэн эмсэхтэнэн, Иититтэн-саҕатыттан тахса Иирдэ-кутурда диэн Истиҥ-тастыҥ доҕотторум Иһирэхтии этэргитин истэбин. А. Софронов "Илиэһэй кыыһа, эйигин баҕас!" – диэн кулуба бардьыгынаат, эмээхсини баттаҕын аһыттан ылан хотон аанын диэки состо. И. Гоголев Русск. леший