ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

килэҥ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы без снежного покрова, гладкий, скользкий

English shine

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Хаара суох, килэркэй, халтархай (хол., муус, суол)

Нууччалыы Без снежного покрова, гладкий, скользкий (напр., лед, дорога)

  • Килэҥ мууһу ортотунан киирэн, Таал-Таал эмээхсин сүүрэн кэдэйиктэнэр.
    Суорун Омоллоон
  • Оҕонньор килэҥ суолга самыытын уҥуоҕун үлтү түспүтэ.
    С. Никифоров
  • Ыттар муора килэҥ мууһугар сыарҕаларын чэпчэкитик соһон, субуллаҥнаһан истилэр
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (2)
  • Эллэй. Хайата кэрэний: сир ийэ Эбэтэр бу халлаан килэҥэ?
    П. Тобуруокап
  • [Мотуорка] тумса -- уу килэҥин хайа тыыран дьурулуур
    Л. Попов

2 даҕааһын #

Туох да ото-маһа суох, халтаҥ

Нууччалыы Без какой-л. растительности, голый

  • Килэҥ сиргэ балаакка тартыбыт.
  • Аҥаардас килэҥ тааска таба тугу булан аһыай
    С. Никифоров
  • Оскуола тэлгэһэтин килэҥэр илиитин булгу түспүт.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Сарайтан -- муус бытырыыстар тоҥ килэҥҥэ түһэн үлтү ыстанан кылыгыраһаллар. Софр. Данилов. Күөл мууһугар килэҥҥэ Хатыыскалыыр үтүөкэн
    П. Дмитриев

3 аат тыл #

Туох эмэ кылааккай ньуура

Нууччалыы Гладкая поверхность чего-л., глянец Мин бу тыллары -- Сэргэлээх чуумпу нуурал уулаах күөлүн сиэркилэ килэҥин көрө олороммун суруйабын

4 аат тыл #

Хаара суох халтаҥ муус, ардах-хаар ирэ-ирэ килэччи тоҥмута

Нууччалыы Голый лед, гладкая ледяная поверхность; наледь

«К» буукуба