ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыраай

аат тыл, даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы страна, земля, край (обычно в знач

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Дойду (үксүгэр "төрөөбүт төрүт дойду" диэн дэгэт суолталаах)

Нууччалыы Страна, земля, край (обычно в знач

  • "родимый край"). Бырастыы, Иркутскай куоратым, Барабын үөскээбит кыраайбар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кынаттаах аймаҕа итии кыраайдарга күрэнэн көттүлэр.
    М. Доҕордуурап
  • Саха сирин соҕуруу өттө - ыччат кыраайа, кини айар-тутар киэҥ дуола. Хорсуттар с
Өссө холобурдар (3)
  • Үскэм хорсун уолаттар Кытыы кыраай сирдэртэн Ыксаласпыт эбиккит.
    С. Зверев
  • Кырыа хаардаах, кыыдааннаах кыраай муннук дойдуга уордаах этиҥ дарбыйда, Уохтаах сата часкыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыраай халлаан кырыыта Кыыһан, сырдаан кылбайда
    С. Васильев

2 аат тыл #

Уобаластан улахан административнай-территориальнай единица

Нууччалыы Край (адм. -терр. ед.)

  • Красноярскай кыраай. Алтайскай кыраай
  • Ол кыраайтан ол кыраайга дылы биир күрүө буолуо
    П. Ойуунускай

3 даҕааһын #

Киин сирдэртэн олус ыраах, уһук (үксүгэр сир-дойду)

Нууччалыы Отдаленный от центра, дальний, окраинный (обычно о землях, странах)

4 аат тыл #

Уһук, кырыы; туох эмэ муҥур уһуга, баранар кырыыта

Нууччалыы Край, конец; крайние точки чего-л

5 сыһыат #

суолт., кэпс. Наһаа, ааһа, муҥутуур

Нууччалыы Чересчур, чрезмерно

  • Мороду кынаттаахтан эрэ кыраайынан ордук.
    П. Ойуунускай
  • Ньэлчэкэ муҥурун биллэрбэтэҕэ үһү. Арай биирдэ эрэ кыраай түргэнинэн барбыта буолуо диэн дьон сабаҕалыыллар.
    Далан
  • Кыраай киэҥ халлааммар, Кылбаҥныы-кылбаҥныы кыҥкыныы ыллаахтыыр Кыталыгым тэҥнээҕэ
    И. Чаҕылҕан

6 этии #

Муҥ кыраай - 1) саамай муҥутуур, саамай ыраах (уһуга) Арай мин саныырбар, Аан дойду баранар муҥ кыраай уһуга - Алааһым түөрт өртө буоларын курдуга. Эллэй; 2) туох баар кыаҕынан, күүһэ баарынан. Θ Изо всей силы, что есть мочи; во весь опор (бежать). Охоноос сүһүөҕэр турда да - Муҥ кыраай сүүрүүнэн ыстанна. Эллэй.

Нууччалыы Самый крайний, самый дальний, предельный (последняя точка, у последней черты)

Этиилэр

Муҥ кыраайынан көр муҥ

  • Арай аҕам илин диэкиттэн муҥ кыраайынан көтүтэн кэлэн, дьиэ таһыгар ыҥыырыттан ыстанан кэбиһээт, тэһиинин күрүө тоһоҕотугар иилэ бырахта.
    Н. Лугинов
  • Гоша ойон туран, муҥ кыраайынан хаҥас көстөр иирэлэр диэки тэбиммитэ.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Эмискэ билигин барбыт уолаттар, аттарын бокуойа суох кымньыылаан, муҥ кыраайдарынан харбыалатан иһэллэрэ көһүннэ. Е. Неймохов

7 этии #

Нууччалыы Краеведение

  • Кыраайы үөрэтии - ханнык эмэ сири-дойдуну үөрэтэн билии (үксүгэр олохтоох, дойдуларын, олохтоох дьонун үөрэтиини сөбүлүүр дьон дьарыга) Биһиги оройуоҥҥа туризм уонна кыраайы үөрэтии диэн өйдөбүллэри тус-туһунан араарбакка уопсай үлэ ыытыллар. ҮөАЧҮ. Кыраайы үөрэтээччи - олорор сирин-дойдутун үөрэтэн билэр киһи, олохтоох дойдуну билэргэ идэтийбит киһи. Θ Краевед. Бастакы алмааһы саха булчуттара булбуттарын туһунан чуолаан Бүлүү кырдьаҕас кыраайы үөрэтээччитэ П. Х. Староватов суруйбута.
    Суорун Омоллоон
  • Биллиилээх библиограф кыраайы үөрэтээччи Н. Н. Грибановскай туруулаһан туран араҥаччылаабытын -- түмүгэр музей ыһыллан хаалбакка үлэтин салгыы турбутун киһи долгуйа, махтана ааҕар. "ХС"

«К» буукуба