ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маҥнай

сыһыат

Нууччалыы прежде, вначале, раньше чего-л

English at first, in the beginning

1 #

Бастаан, туох эмэ буолуон, саҕаланыан иннинэ

Нууччалыы Прежде, вначале, раньше чего-л

  • Баһыкка оҕонньордоох маҥнай дөйбүт курдук саҥата суох олорбуттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Маҥнай мин, куттана-куттана, эргийбит күөлбүн билигин көрөн баран сонньуйан эрэ ыларым: куттаммат да суолтан куттаммыт эбиппин диэн
    Далан

2 этии #

Нууччалыы Сначала, перво-наперво (что-л. сделать)

Этиилэр

Аан маҥнай - 1) көр аан I

1925 сыллааҕы күһүн учуутал техникумугар үөрэнэ киирээт, Дьокуускай үрдүнэн аан маҥнай сөмөлүөт көппүт үөрүүлээх миитинигэр сырыттым. Амма Аччыгыйа. Роман Данилов оҕонньор бүгүн аан маҥнай Дьоҥкуудаҕа көһөн киирдэ. М. Доҕордуурап; 2) бастакынан (тугу эмэ гын, оҥор) Аан маҥнай массыына иһиттэн Яков суоппар ойон таҕыста. Амма Аччыгыйа. Дьиэҕэр хайдах тиийиэҥий, ааҥҥын хайдах аһан киириэҥий, аан маҥнай туох диэн кэпсэтиэҥий?! Т. Сметанин. Аан маҥнай холуода олордуллуохтаах эбит. М. Доҕордуурап. Маҥнай утаа - туох эмэ саҕаланыытын саҕана, маҥнайгы кэмҥэ.

Вначале, в первое время.

  • Ваня маҥнай утаа уопсай тылларынан бэрт сэргэхтик эппиэттээн истэ, хаста даҕаны "кылгас соҕустук эт" дэттэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Аида маҥнай утаа кэмчиэрийбитэ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Чаачар оҕонньор Саарбалаахап атаҕар умса түстэ. Анарааҥҥылар, маҥнай утаа соһуйан саҥата суох таалан туран баран, дьэ, өй ылан, күө-бараа көбдьүөрүһэ түстүлэр. Софр. Данилов. Ср. тюрк. маҥлээ, халх. маҥнээ, МНТ маҥлай ‘лоб, перед’, монг. магнай ‘лоб, чело; передовой, лучший’, кирг. маҥдай ‘лоб, противоположная сторона’

«М» буукуба